Эмис нэһилиэгэр оттооһун үлэтэ күүскэ ыытыллан этэҥҥэ түмүктэннэ. Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин бастыҥ көрдөрүүлээх нэһилиэктэргэ оттуур тиэхинньикэ бэриллиэ диэн күөртээн, эмистэр күрэххэ кыайар былааннаах хоннохтоохтук үлэлээтилэр.
Сайын биир улахан уустук үлэтинэн оттооһун буолар. Эмис нэһилиэгэр быйыл оттооһун хаамыытын туһунан нэһилиэк баһылыга Прокопий Бубякин маннык сырдатар:
-Быйыл Эмис нэһилиэгэ былааммыт 1800 туонна этэ. Бэриллибит былааммытын 530 туоннанан ордук толордубут. Бу улахан көрдөрүү. Улуус баһылыга Степан Кузьмин бастыҥ үлэлээх нэһилиэккэ оту пресстыыры туруорарын истэммит наһаа сэҥээрдибит уонна онно кыттан кыайар соруктаахтык үлэлээтибит. Бэс ыйыгар уонна от ыйын саҥата күүскэ ардаабыта. Онон ходуһаларбыт угуттанан өлгөм үүнүүнү биэрдилэр. Иллэрээ сыл уонна ол иннинэ Эмис нэһилиэгин Олом учаастагар улахан баһаардар турбуттара. Ол түмүгэ, хоромньута билигин даҕаны биллэр. Ол да буоллар, кырдал сирин отторо үүннүлэр. 130% тахса оту ылан үөрүүбүт улахан. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна улуус дьаһалтатын көмөлөрүнэн атыыга эмиэ оттоотубут. Биһиги быйыл 4 мобильнай биригээдэни тэрийэн үлэлэттибит. Эһиил мобильнай биригээдэбит ахсаанын 5 диэри элбэтиэхпит. Эмискэ билиҥҥи туругунан 650-тан тахса төбө сүөһүлээхпит уонна 800-чэкэ сылгылаахпыт. Онон хороҕор муостаахпытын, сыспай сиэллээхпиин сыл таһаарар оттоннубут.