Эмистэр “Саһыл Сыһыы” драма испэктээги көрдөрдүлэр

Бу күннэргэ Аммабыт культурнай олоҕо, омуннаабакка эттэххэ, оргуйан олорор. Ф. Потапов аатынан Амматааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр бииртэн биир киһи сүрэҕин долгутар кэрэхсэбиллээх кэнсиэрдэр, ырыа алыптаах киэһэлэрэ, дьоро күннэр быыстала суох ыытыллаллар. Быйыл Саһыл Сыһыы Муустаах оборонатын 100, Амма улууһугар дойдуга бэриниилээх буолуу, история нэһилиэстибэтин сылларыгар Эмис нэһилиэгэ «САҺЫЛ СЫҺЫЫ» драма испэктээги Амма олохтоохторугар көрдөрдө.

“Саһыл Сыһыы Муустаах обороната Арассыыйаҕа гражданскай сэрии историятыгар улахан стратегическай суолталаах бүтэһик сэриинэн бигэргэммитэ. Аатырбыт историябытын бэйэбит өрө тутуохтаахпыт диэн санааттан бу пьесаҕа ылсыбытым”, — диир туруорааччы режиссер Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Марианна Ефимова. Испэктээккэ Марианна Васильевна Саха сиригэр гражданскай сэрии историятын бүтүннүү хабан, ол ааспыт былаас былдьаһыктаах быыһык кэм норуот дьылҕатыгар ыар содулун, Строд уонна Пепеляев хамандыырдаах кыһыллар уонна үрүҥнэр сэриилэрин, кинилэр кырдьыктарын итэҕэтиилээхтик көрдөрбүтүн сөҕө, махтайа бэлиэтиибит.

Манна даҕатан эттэххэ, Марианна Васильевна Эмис нэһилиэгин кулуубун кытта 2017 сылтан бииргэ алтыһан таһаарыылаахтык үлэлииллэр.
Бу «Саһыл Сыһыы» эмистэргэ төрдүс испэктээгим буолар. Амма народнай театрыгар Елена Слепцова-Куорсуннаах «Адьырҕа» кэпсээнин матыыбынан драма туруорбуппун көрөн ыҥырбыттара. Бастаан саха норуодунай поэта Күннүк Уурастыырап «Былыргы дьыллар быыстарыгар» сэһэниттэн «Туоллума» диэн драманы туруорбуппут. Ол үлэбит 2018 сыллаахха «Туос мааска» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ Гран-при аатын ылбыта. Онтон Дмитрий Наумов кэпсээннэринэн «Өлөннөөх суоната» комедияны туруорбутум. Онтубут ааптар аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ иккис миэстэ буолбута. Ол кэнниттэн Эмис олохтоохторо Соловьевтар киэҥ аймах күтүөттэрэ Иннокентий Иванов «Чуумпу Бүлүү: алмаас уонна харах уута» роман-эпопеятынан «тугу эмит оҥорон таһаарарын буоллар, биһиги оонньуо этибит» диэн баҕаларын эппиттэрэ. Ити 2019 сыллаахха этэ. Пандемия кэмигэр онон дьарыктаммытым, 2022 сыллаахха Саха АССР 100 сылыгар тахсыбыта. Сунтаардар, бүлүүлэр историялара дьон сэҥээриитин ылан, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар турбута. Бу үс көлүөнэ олоҕо көрдөрүллэр улахан романы испэктээк киэбигэр киллэрии үлэтэ миэхэ улахан уопуту биэрбитэ.
Дьэ, онтон быйыл Саһыл Сыһыы Муустаах обороната 100 сылыгар бэйэбэр уруккуттан чугас, бэйэм төрүттэрим Абаҕа, Мээндиги олохтоохторо буолалларын быһыытынан, патриотическай тыынынан уонна көрүүнэн “Саһыл Сыһыы” драманы туруордум. Туохха барытыгар буоларын курдук, сэрии эмиэ туспа схемалаах, быраабылалаах. Ол бэрээдэгин кэспэккэ, документальнайын уларыппакка уус-ураны кытта дьүөрэлээн киллэрдэххэ, көрөөччүгэ интэриэһинэй буолар. Холобура, Маарыйалаах Сүөдэр персонажтара оннук уус-уран көрүүнэн киирбитэ. Кинилэр төһө да дьиҥ олохторугар кулаактааһыҥҥа балыллан, Охотскай муора кытылыгар күрээн тиийдэллэр, Сүөдэр Пепеляевка суолдьутунан барсыбыта диэн уус-уран хоһуйуу (художественнай прием), сценическэй вымысел буолар. Дьиҥ олохторугар кинилэр дойдуларыгар 1930-с сыллардаахха холкуостааһын саҕана биирдэ төннөн кэлбиттэрэ уонна холкуоска киирэн үлэлээбиттэрэ. Ханнык да сэриигэ саа тутан сэриилэспэтэхтэрин иһин, сэбиэскэй былаас кинилэр төннөн кэлэллэригэр көҥүл биэрбитэ. Маарыйа мин ийэбин кыра эрдэҕинэ ийэтэ өлөн тулаайах хаалбытыгар ииппит, олоҕун салҕаабыт киһи буолар. Сүөдэринээн барыта уонча оҕону ииппитэ биллэр. Сүөдэрэ кини иннинэ олохтон туораабыта. 1971 сыллаахха Аммаҕа мин бастакы кылааска үөрэнэр сылбар, Маарыйа эбээ 91 сааһыгар эһэбэр Сэргэйгэ уруккуну-хойуккуну ахтан чаҕылхайдык кэпсии сытан бараахтаабыта. «Өлөөрү сытан өйүм өссө сытыырхайда» диирин дьонум сөҕөллөрө. Ийэм дириҥник ытыктыыр Маарыйатын уустук, ыарахан олоҕун Прокопий Каракановка кэпсээн «Мээндиги – быйаҥ дойдута» кинигэҕэ киллэртэрбитэ, «саатар манан иитиллибит иэспин төлүүр курдук сананыым» диэбитэ.

Сэрии схематын сөпкө тутуһарбар И.Я. Строд, Е.К. Вишневскай суруйбут мемуардара итиэннэ В.Е. Васильев-Харысхал, М.В. Алексеев, В.Б. Окорокова, Л.А. Юзефович уо.д.а. үлэлэрэ тирэх буоллулар. Уһун сэрии схематын 2 чаастаах кылгас испэктээккэ киллэрии уустук эрээри, тыыннаахтыы тилиннэрэн кэпсэтэр диалогтарын суруйуу саамай ыарахан буолар. Этэргэ диэри, ол кэмҥэ киирэн, кинилэр киэптэрин кэттэххинэ эрэ тахсар. Үрүҥ генерал Пепеляевы, Бүөтүр Баабылабы, Тэрэппиин атыыһыты, Куликовскайы, Артемьевы, Строду да ааҕан биллэххэ бары даҕаны боростуой, ыраас дууһалаах дьон. Былаас былдьаһыытыгар хас биирдии герой бэйэтэ итэҕэтэр матыыптаах, ол кини олоҕун оҥкулуттан тахсар. Пьесаны суруйарбар мин ханнык да сүрүн герой диэки охтор быраабым суох. Баары-баарынан, буолбуту-буолбутунан көрдөрүөхтээхпин. Сырдыгы-хараҥаны көрөөччү бэйэтэ быһаарар, — диэн Марианна Васильевна драма айыллыбыт историятыттан билиһиннэрдэ.

Дириҥ ис хоһоонноох историческай драманы Саха Күөрэгэйэ Екатерина Захарова аатынан Эмистээҕи культура киинин «Эйгэ» театральнай бөлөҕүн артыыстара кыайа-хото тутан итэҕэтиилээхтик оонньоотулар. Иван Строд оруолун Александр Ларионов, Анатолий Пепеляевы Игорь Болтунов, Карл Байкаловы Анатолий Михайлов, Былатыан Ойуунускайы нэһилиэк баһылыга Прокопий Бубякин, Петр Куликовскайы Илья Кириллин, Корнет Коробейниковы Ариан Дьячковскай, Семен Дмитриевы Василий Прохоров, Федор Садыковы Эдуард Соловьев, фельдшер Токаревы Степан Константинов, Михаил Артемьевы Вячеслав Чемезов, Варвара Павловнаны Анна Удина, Александр Кармановы Иосиф Петров – бары оруолларыгар толору киирэн, уустук монологтары ааҕан, улахан артыыстартан уратыта суох оонньооннор көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар. Маны таһынан Эмис нэһилиэгин талааннаах ыаллара: Авдей, Мотрена, Матвей Тимофеевтар, Алексей, Зинаида, Алеша Соловьевтар, Андрей, Софья, Марита Афанасьевтар, Альберт, Арылхан Соловьевтар, Уйгулаана, Дамир Сысолятиннар кыттаннар Эмис нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ олус түмсүүлээҕин, кэнчээри ыччакка кэрэни кэрэхсииргэ холобур көрдөрдүлэр. Пьесаҕа оскуола оҕолоро, чуолаан уолаттар астынан кыттыбыттара кэрэхсэбиллээх. Төрөөбүт дойду историятын билэ улааталларыгар олук ууруллубута чуолкай. Кэнэҕэһин маннык улахан драмаҕа кыттыбыппыт диэн киэн тутта кэпсиэхтэрэ турдаҕа.


Испэктээккэ оччотооҕу кэми көрдөрөр мал-сал, артыыстар көстүүмнэрэ, туттар тэриллэрэ, улахан экраҥҥа декорация бүтүннүү уларыйан испитэ, онно сөптөөх тыас-уус, уот-күөс табатык туттуллубута драма ис хоһоонун көрөөччүгэ тиэрдэргэ улахан оруолу оонньоото. Бу, биллэн туран, элбэх үлэттэн, тэрийииттэн тахсыбыта саарбахтаммат. Маныаха «Эйгэ» театральнай бөлөх салайааччылара, культура туйгуннара уонна бэтэрээннэрэ Наталья Константинова, Матрена Владимирова көхтөөхтүк кыттыбыттарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Испэктээк аудиовизуальнай техникатын, видеоконтены, музыкатын Альберт Третьяков-Куйаар Уола кыайа-хото суруйан, киниэхэ Тамара Левина, Прокопий Григорьев күүс-көмө буоланнар, киһи “һык” гына астына көрөр испэктээгин бэлэхтээтилэр. Көстүүм чааһыгар Анфиса Федорова, Мотрена Аржакова уонна саха театра улахан күүс-көмө буолбуттарын Марианна Васильевна махтана этэр. Дьэ, бу буолар биир хамаанда улахан үлэтин түмүгэ, режиссер дьиҥнээх маастарыстыбата, биир сомоҕо сиппит-хоппут бастыҥ айымньыны үөскэтэн көрөөччүгэ тиэрдиитэ!

Дэлэҕэ, СӨ үтүөлээх учуутала Мария Ноговицына испэктээги көрөн баран Эмис баһылыгар Прокопий Бубякиҥҥа: «Бэҕэһээ испэктээги көрөн тутум үрдээтим. История кэрдиис кэмин сэгэтэн, умнаары гыммыт эдэр көлүөнэ хараҕын астыгыт. Кырдьаҕаска олоҕун уһаттыгыт. Улуу Ойуунускайбытын саҥа көлүөнэҕэ арыйдыгыт. Дирбиэн-дарбаан күннэргэ дирбийэн-дарбыйан иһиҥ, кытыастар былааҕы тэлимнэтиҥ!» — диэн махтанан суруйуо дуо?

Бу күн Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Бубякин “Саһыл Сыһыы” драма туруорааччы режиссеругар Марианна Васильевна Ефимоваҕа “Эмис нэһилиэгин сайдыытыгар тус кылаатын иһин” түөскэ анньыллар бэлиэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Биир дойдулаахтарын Эмистэн төрүттээх Амма олохтоохторо Марфа Дмитриева, Надежда Садовникова, Анатолий Стручков эҕэрдэлээтилэр, оскуола оҕолоругар Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэрин туттардылар.

Түмүкпэр Марианна Васильевнаттан үҥкүү кэрэ эйгэтиттэн театр искусствотыгар хайдах кэлбитин ыйыталастым.
Театр эйгэтэ олус интэриэһинэй, умсугутуулаах. Бу эйгэҕэ сыстыым ылла да мээнэ кэлбэтэҕэ. Оскуолаҕа орто сүһүөххэ үөрэнэр кэммэр Августина Филиппова декорация оҥорорго, иискэ көмөлөһүннэрэрэ. «Тиэтэйбит», «Мальчиш-Кибальчиш» испэктээктэргэ алтыспыт алыптаах кэмим мин дууһам түгэҕэр, сүрэҕим быыһыгар тапталынан саспыт эбит. Кэнники иитиллэн, төлө көтөн тахсыбыт диэн ылынабын. Айдарыылаах дьону кытта алтыһар ити курдук туһалаах, эргиллэн кэлэр эппиэттээх, халтайга хаалбат, симэлийбэт буолар эбит, — диэн этэр Марианна Ефимова, «Сир симэҕэ» Арассыыйа көрдөрүүлээх, Саха сирин норуодунай кэллэктиибин салайааччыта, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Учууталлар учууталлара.

Вера Иванова.

Читайте дальше