Эмис нэһилиэгэр олохтоох дьаһалта Саҥа дьыл өрөбүллэригэр «Доруобуйа нэдиэлэтин» биллэрбитэ. Ол чэрчитинэн нэhилиэнньэ бары араҥатын хабан үгэс буолбут күрэхтэр ыытылыннылар.
Күрэхтэри, тэрээhиннэри спортсаала дириэктэрэ Валентин Николаев, остуол тенниhин тренерэ Айза Новикова, многоборье тренерэ Александр Ларионов, спортинструктор Нонна Ноговицына иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Онтон кыайыылаахтар бириистэрин олохтоох дьаhалта, култуура дьиэтин кэлэктиибэ спонсордаатылар.
Тохсунньу 1 күнүгэр остуол тенниhэ буолбута. Онно 24 кыттааччы кэлэн күрэхтэспитэ. Бу кэнниттэн тохсунньу 2 күнүгэр көлүөнэнэн дуобат күрэҕин ыыппыппыт. Манна 5 хамаанда кииристэ. Түмүккэ 1-кы миэстэ бэтэрээннэр, 2-с миэстэ оскуола оҕолоро, 3-с миэстэ ыччаттар буоллулар. Онтон тохсунньу 3 күнүгэр бильярд күрэҕэ буолан ааспыта, кыайыылаахтарынан Николай Ноговицын, Александр Петров, Евгений Ноговицын буоллулар.
Көлүөнэнэн волейбол күрэҕэр биэс хамаанда кыттан, ыччаттар хамаандалара бастаата. Иккис миэстэҕэ устудьуоннар, үһүс миэстэҕэ бэтэрээннэр таҕыстылар. Онтон тохсунньу 4 күнүгэр оскуола оҕолоругар көрдөөх стартар буоллулар. Аны хаалбыт өрөбүллэргэ дартс, уолаттарга сахалыы многоборье күрэхтэрэ ыытыллыахтара.
«Амма олоҕо» хаһыат