Дьиэ иһигэр эр киһи баар буоллаҕына – дьиэ иһэ сылаас, эркин бүтэй. Эр киһи туллубат тутаах, иэгэйэр иэччэх, дьиэ өһүөтэ уонна акылаата буолуохтаах. Онон аҕа баһылыгы үтүө сыһыанынан, убаастабылынан, тулааһын курдук тула көрүү өрүүтүн баар буолуохтаах.
Былыр да, быйыл да эр киһи дьиэ баһылыга бигэ тирэхтээх, үктэлэ, ыллыга, аартыга чиҥ уонна киэҥ буолар. Кини билиҥҥи үйэ эр бэрдэ күннээҕинэн эрэ олорбот, сарсыҥҥы баарын, кэлэр кэм тугу аҕаларын ырыҥалыыр, сыаналыыр күүстээх санаалаах буолуохтаах.
Умнуо суохтаахпыт: хас биирдии омук таһымын бэлиэтэ эр киһи буоларын! Кини билиитэ, олоххо ирдэбилэ, олоҕу кѳрүүтэ, айылҕаны кытта сибээһэ норуотун үрдүкү таһымҥа таһаарар олуга буолар. Эр киһинэн норуот сыаналанар: кини тутахсыйан, кэхтэн эрэрэ дуу, эбэтэр кэлэр кэм буолар уларыйыыларыгар олук уурсара дуу, уурсубата дуу?
Онон, эр дьон нөҥүө, кини дьүһүнүнэн-бодотунан, саҥатынан-иҥэтинэн, үлэтинэн-хамнаһынан, бүппэт түбүгүнэн, салайар дьоҕурунан сылыктаан бүтүн норуотугар сыана быһаллар эбит.
Михаил ЖИРКОВ, Амма нэһилиэгэ