Бүгүн Амма улууһугар өрөспүүбүлүкэ борокуруора Максим Попов уонна СӨ борокуратууратын федеральнай сокуоннар туолууларын кэтээн көрөр управлениетын начальнига Владимир Кускашев үлэлээтилэр. Дуоһунастаах дьон Амма уонна Абаҕа нэһилиэктэригэр федеральнай бырагырааманан тутуллар эбийиэктэр хаамыыларын, хаачыстыбаларын билистилэр.
Үлэ былаан быһыытынан Абаҕаҕа быйыл үлэҕэ киириэхтээх оскуола-садтан саҕаланна. Борокуратуура үлэһиттэрэ хас биирдии хоһу сирийэн көрдүлэр, тутуу матырыйаалын хаачыстыбатыгар, ханна оҥоһуллубутугар, сыанатыгар, төһө сөпкө таҥыллыбытыгар улахан болҕомтону уурдулар. Максим Николаевич бэл диэтэр тэлгэммит линолеуму арыйа баттаан, муоста кутуллубут суурадаһыга ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥоһуулубутун-суоҕун бэрэбиэркэлээтэ, хайыта барбыт сирдэрин көннөрөллөрүгэр сорудахтаата. Билиҥҥи туругунан үлэ былааныттан кыратык бытаарыы тахсыбыт, онон бэдэрээччит ”Электромонтаж” ХЭТ бу күннэргэ иккис тутуу биригээдэтин аҕалыахтааҕын эттэ, оччотугар ситиһиэхпит диэн эрэннэрдэ. Өрөспүүбүлүкэ борокуруора Амма улууһун борокуруоругар хас нэдиэлэ ахсын үлэ хаамыытын миэстэтигэр билсэргэ сорудахтаата, итиэннэ “Оскуола үлэҕэ киирдэҕинэ бэйэм кэлэммин хонтуруоллуур көрүүнү оҥоруом, онон кытаатыҥ”,- диэн ыйыы биэрдэ.
Борокуратуура үлэһиттэрэ салгыы Амма нэһилиэгэр “Жилье и городская среда” национальнай бырайыак “Ыраас уу” федеральнай бырагырааматынан тутулла турар ууну ыраастыыр ыстаансыйаҕа сырытта. Манна үлэ ахсынньы ыйга түмүктэниэхтээх, графиктан улахан хаалыы суох, бары туттуллар тэрил тиэллэн кэлэн таҥылла сылдьар. Максим Николаевич арай тымныыга үлэлээн хачыгырайа сылдьар үлэһиттэри көрөн тоҕо сылаас сиргэ үлэлиир усулуобуйа тэриллибэтэҕин чуолкайдаста. Онуоха бэдэрээччит мотуордар турар тутууларыгар бу күннэргэ аан туруоран, пушканан сылааһы биэриэх буолан эрннэрдэ. Ыраас уунан улуус киинин хааччыйыы бастакы этабыгар уу “Стадион” хочуолунайга бэриллиэхтээх. Мантан салгыы нэһилиэнньэҕэ ыытарга үп-харчы боппуруоһа билиҥҥитэ аһаҕас турар. Онон бириэмэн ыыппакка манна үлэлэһин диэн улуус баһылыгар Степан Кузьмиҥҥа уонна солбуйааччытыгар Виктор Смирниковка сорудахтаата. Оттон билиҥҥи графигы ситиһэргэ бэйэм өттүбүттэн туох эмит көмө наада тирээтэҕинэ көмөлөһөргө бэлэммин диэн эрэннэрдэ.
Бу кэннэ үлэлиир бөлөх 360 үөрэнэр миэстэлээх , 100 миэстэлээх интэринээттээх Амматааҕы лиссиэй тутуутун хаамыытын көрдүлэр. Тымныы түспүтүнэн манна үлэ тохтообут, ол эрээри бастакы этап былаан быһыытынан түмүктэммит. Аны саас сылыйдаҕына биригээдэ үлэни көһүппэккэ саҕалыырыгар матырыйаал кэлэн сытар, өссө эбии кыһыҥҥы суолунан тиэллэрэ былааннанар.
Максим Попов уонна Владимир Кускашев Аммаҕа үлэлэрин чэрчитинэн эбийиэктэргэ сылдьыы кэнниттэн нэһилиэнньэни кытта көрүстүлэр, кыһалҕаларын иһиттилэр. Тус приемна 10 киһи сырытта, боппуруостар сүрүннээн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын чугас дьонуттан киирдэ, маны тэҥэ Үөһэ Аммаҕа мас кэрдиитин кыһалҕата тирээбититтэн олохтоохтор долгуйалларын биллэрдилэр, итиэннэ биир улахан кыһалҕалаах Аллараа Бэстээх – Амма, Амма- Сулҕаччы айан суолугар элбэх ыйытыы киирдэ. Хас биирдиилэрин иҥэн-тоҥон истэн баран Максим Николаевич көмөлөһөөччүлэригэр манна быһаарсалларыгар, түмүгүн биллэрэллэригэр дьаһаллары биэрдэ.
-Максим Попов бүгүн Амма улууһугар үлэтэ олус таһаарыылаах буолла. Олохтоохтору кытта тус көрсүһүү кэнниттэн тутатына борокуруор оттук сезонугар бэлэмнэнии боппуруоһун тула киэҥ ыҥырыылаах мунньах тэрийдэ. Оттон сылдьыбыт эбийиэктэрин сакаасчыттарыгар уонна бэдэрээччиттэригэр туһаайан быйыл үлэҕэ киириэхтээх эбийиэктэргэ хас биирдиилэригэр кытаанах хонтуруол барыаҕа диэн эттэ. Оттон түмүк тылыгар Амма улууһугар элбэх тутуу барара харахха быраҕыллар, Ил Дархан болҕомто уурара, дьаһалта өттүттэн сөптөөх үлэ барара көстөр диэн эппитэ үлэни-хамнаһы ыытар дьоҥҥо барыбытыгар даҕаны үрдүк сыанабыл буолла,- диэн баһылыгы тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы Виктор Смирников этэр.
“Амма олоҕо” хаһыат.