Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө лиссиэйдэр аһаҕастык кэпсэтэллэр

Саха өрөспүүбүлүкэтин күнүн чэрчитинэн лиссиэйгэ үгүс элбэх тэрээһиннэр ыытылыннылар.

Ол курдук, бастатан туран, бырааһынньык иннинээҕи күн оскуола үөрэнээччилэрэ учууталларын кытта тутуспутунан тахсан, туһааннаах территорияларыгар күргүөмнээх субботник оҥордулар.

 

Салгыы бу күн «Кыайыы диктана» акцияҕа кыттыһан, история чахчыларыгар билиилэрин тургутан көрдүлэр. Сарсыҥҥытыгар үөрэнээччилэр, учууталлар сахалыы сайбаччы таҥнан кэлэн, Өрөспүүбүлүкэбит күнүн уруйдаан-айхаллаан көрүстүлэр. Маны сэргэ, бу дьоро күҥнэ анаан олус истиҥ көрсүһүүлэр, аһаҕас кэпсэтиилэр буоллулар. Ол курдук 9-с кылаас үөрэнээччилэрин кытта оскуолаҕа аҕалар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ, улуустааҕы бухгалтерскай киин салайааччыта Алексеев Роман Александрович «Өрөспүүбүлүкэбит чулуу дьонун олохторун, хорсун үлэлэрин-хамнастарын, патриоттуу иитии туохха наадалааҕын» туһунан уонна улуустааҕы үөрэх салалтатын үлэһитэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Кириллина Клара Романовна 10-с кылаастары кытта «судаарыстыбаннас, киһи быраабын» тематын тула кэпсэттилэр.

Бу күн оҕолор үгүс саҥаны истэн, дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу туохтан саҕаланарын билэн, тус олохторугар саҥа сырдык санаалары, сонун сүүрээннэри иитиэхтээн тарҕастылар.
Манна эбии Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн Албан аат болуоссатыгар лиссиэй учууталларын уонна үөрэнээччилэрин хомуур хора Саха сирин уонна Амма улууһун өрөгөйүн ырыатын ыллаан, мустубут ыалдьыттары, нэһилиэк дьонун эҕэрдэлээтэ.

Наталия Рязанская.

Читайте дальше