Өрөспүүбүлүкэтээҕи көһө сылдьар мунньах былааннанар

Бүгүн улуус дьаһалтатын планеркатын баһылыгы  бастакы солбуйааччы  Василий Бураев салайан ыытта. Планеркаҕа ааспыт нэдиэлэҕэ ыытыллыбыт тэрээһиннэри, үлэлэри иһитиннэриини сэргэ, чугастааҕы сүрүн былааннары дьүүллэстилэр.

Василий Бураев иһитиннэрбитинэн алтынньы ый 12 күнүгэр, ол эбэтэр бу чэппиэргэ Олоҥхо ыһыаҕын өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыһыйатын  бэрэссэдээтэлэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников оробуочай бөлөҕүнэн кэлэн көһө сылдьар мунньаҕы ыытыа. Кинини кытта хас туһааннаах министиэристибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кэлэннэр, Олоҥхо ыһыаҕар тутуллуохтаах эбийиэктэр тутууларын хаамыытын туһунан кэпсэтиэхтэрэ. Ол курдук оробуочай бөлөх Амма нэһилиэгин И.А. Швердин аатынан култуура пааркатыгар сылдьан ыытылла турар үлэлэри билсиэҕэ. Ону сэргэ федеральнай бырагырааманан хапытаалынай өрөмүөнү бара сылдьар У. Нохсоороп аатынан Абаҕатааҕы култуура дьиэтигэр сылдьан  үлэ хаамыытын  көрүөҕэ.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше