Өссө 28 ыал хаарбах дьиэлэртэн көһүөхтэрэ

Бүгүн, атырдьах ыйын 3 күнүгэр самаан сайын сатыылаан турар кэмигэр, уйгулаах олоҕу уһансар, киэҥ, сырдык кэскиллээх, кэрэҕэ баҕалаах, саҥаны айыыга сылайбат сыралаах, үлэһит үтүө дьоннордоох Амма киинигэр биир кэрэ көстүүлээх, биэс мэндиэмэннээх, 34 квартиралаах саҥа дьиэ тутуута саҕаланар  сиэрэ-туома буолан ааста.

Амма улууһугар нэһилиэнньэни хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү анал бырагыраама чэрчитинэн 2019 сылтан үлэ саҕаланан барбыта. Манна тутуу балаһын тухары олохтоох тутааччылар кыттыыны ылаллара хаһан баҕарар хайҕаллаах.

Ол курдук, маннык үөрүүлээх, чаҕылхай тэрээһиҥҥэ “Амма улууһа” муниципиальнай оройуон баһылыга Степан Николаевич Кузьмин, баһылыгы тутууга уонна инфраструктура сайдыытыгар солбуйааччы Виктор Владимирович Смирников, тутууну ыытар “Нидстрой” ХЭТ дириэктэрэ Герман Николаевич Терянов уонна “Амма нэһилиэгэ” муниципиальнай тэриллии баһылыга Михаил Алексеевич Артемьев кыттыыны ыллылар. Быйыл бу Аммаҕа биэс этээстээх иккис саҥа дьиэ тутуута саҕаланна. Маннык уустук үлэ олохтоохтор күүстээх туруорсууларынан ситиһилиннэ. Ону ааһан нэһилиэк уонна улуус дьаһалталара инникитин даҕаны күргүөмнээхтик, дьаныардаахтык үлэлииллэрин туһунан бар дьоҥҥо бэйэлэрин былааннарын эттилэр. Онон, кыттааччылар олохтоохторго тус бэйэлэрин ааттарыттан истиҥ эҕэрдэлэрин, бастыҥ баҕаларын тиэртилэр.

Саҥа дьиэ уопсай иэнэ 2428,58 кв.м. Мантан 28 кыбартыыратыгар Курашов уул. 4, П.Егорова уул. 1, Цыкунова уул. 8 уонна 24 нүөмэрдээх хаарбах туруктаах дьиэлэр олохтоохторо көһөн кэлиэхтэрэ. Дьиэ былаан быһыытынан 2024 сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх.

Артем ОСИПОВ.

Читайте дальше