Өрөбүл күннэри быһа биэс улуус бастыҥ бильярдистара илин кэлин түһүспүт күрэхтэригэр Таатта оонньооччулара күүстээхтэрин көрдөрдүлэр. Күрэххэ барыта холбоон 60 спортсмен кытынна.
Таатталар үһүө буолан кэлэн баран үс кыһыл көмүс мэтээли кэтэн бардылар. Бастакы күн дьахталларга Октябрина Яковлевалара чөмпүйүөннүүр, сарсыныгар эр дьоно күннүүллэр. Амма биир “кырдьаҕас” бильярдиһа Игнатий Гаврильев, бэйэтэ эмиэ күрэхтэһэрин быыһыгар, сүрүн судьуйан үлэлээтэ.
Түмүк бу курдук буолан таҕыста:
50 саастарыгар диэри эр дьоҥҥо 1 миэстэ – Прокопий Афанасьев (Таатта), 2 м. – Алексей Пахомов, 3 м. – Михаил Оконешников (Мэҥэ Хаҥалас), Сандал Кожуров (Амма);
50-60 саастаах эр дьоҥҥо: 1 м. – Семен Хаптагаев (Таатта), 2 м. – Валерий Иванов (Мэҥэ Хаҥалас), 3 м. – Василий Борисов (Мэҥэ Хаҥалас), Игнатий Гаврильев (Амма);
60-70 саастахтарга: 1 м. – Иван Кисинянов (Амма), 2 м. – Александр Турантаев (Уус Алдан), 3 м. – Тимофей Атласов (Уус Алдан), Иннокентий Тимофеев (Мэҥэ Хаҥалас);
70-тан аҕа саастаахтарга:
1 м. – Константин Максимов (Амма), 2 м. – Егор Иванов (Амма), 3 м. – Петр Устинов (Амма), Василий Ефремов (Амма).
Олег ЕГОРОВ