Флюмамм онкологияны, туберкулеһу сэрэтэргэ төһүү күүс буолуо

Амма улууһун доруобуйатын харыстабылын историятыгар хаалар түгэн бүгүн тосхойдо. ПАЗ автобуска оҥоһуллубут көһө сылдьар медицинскэй комплекс нэһилиэнньэҕэ билиһинэрилиннэ. “Доруобуйа” национальнай бырайыак чэрчитинэн 23 мөл. солк. ылыллыбыт массыынаҕа рентген-лабораннар ханна баҕарар тиийэн флюорографияны уонна маммографияны оҥорор кыахтаахтар. Маннык массыына өрөспүүбүлүкэҕэ Амма уонна Чурапчы эрэ улуустарыгар баар.

Амма киин балыыһатын уонна улуус дьаһалтатын туруорсууларынан доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин уонна өрөспүүбүлүкэ салалтатын өйөбүлүнэн ылыллыбыт тиэхиньикэ аныгы цифровой туттар тэрилинэн уонна быраас, лаборант үлэлиир компьютернай миэстэлэринэн толору хааччыллыылаах. Флюорографияны уонна маммографияны тэҥинэн оҥорор сүүрэ сылдьар лаборатория күҥҥэ 60-тан тахса киһини көрөр кыахтаах.

Медицинскэй комплекс өҥөтүнэн номнуо Амма Наахара, Болугур, Амма олохтоохторо туһаннылар. Дьон көһө сылдьар флюмамм табыгастааҕын, бэл диэтэр сытар ыарыһахтары кытта көрдөрөр кыах баарын бэлиэтииллэр. Флюмамм нэһилиэктэргэ тахсан үлэлиир графига чопчуланан, сыл бүтүөр диэри бары нэһилиэнньэлээх пууннары хабар сыал-сорук турар. Онон улуус олохтоохторо кэмигэр, сыл ахсын медицинскэй көрдөрүүнү ааһаннар туберкулеһу аччатарга, онкологияны кыра стадиятыгар булан эмтииргэ, кыайарга кыах улаатта.

Флюмамм комплексы нэһилиэнньэҕэ билиһиннэриигэ улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова, Амма нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Альберт Яковлев, кылаабынай быраас Михаил Архипов, рентгенолог-быраас Анна Алексеева, бэтэрээн быраастар Луиза Пинигина, Клавдия Стручкова, олохтоохтор кыттыыны ыллылар. Флюмамм бүгүн Албан Аат болуоссатыгар киэһэ үлэ чааһа бүтүөр диэри нэһилиэнньэни көрүө. Түмүгэ тута ырааска тиийэрэ эмиэ табыгастаах.

-Быйыл сайын Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин нэһилиэнньэтэ 1 мөлүйүөҥҥэ тиийбитин туһунан үөрүүлээх сонуну иһитиннэрбитэ. Онуоха доруобуйа харыстабылын үлэтин оруола, сабыдыала сүүнэ улахан. Маннык аныгы, элбэх киһини хабар кыахтаах комплекстар көмөлөрүнэн олох олоруу өссө уһууругар, нэһилиэнньэ доруобуйата бөҕөргүүрүгэр саарбахтааһын суох. Онон өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар Амма улууһун олохтоохторо махталбыт муҥура суох,- диэн Нюргуяна Ивановна бэлиэтиир.