Школьник из села Эмиссы Дмитрий Захаров вдохновился историей, которая началась тридцать пять лет назад и написал пламенные строки. В оригинальной форме стихотворение «повествует» о группе энтузиастов, которые встали на защиту бассейна реки Амга.
Первые шаги юного создателя произведения по мотивам якутского эпоса затронули сердца жюри, Дмитрий стал победителем улусной научно-практической конференции «Фёдоровские чтения: учитель, эколог, руководитель-патриот Амгинского улуса». Дмитрий и его руководитель Ульяна Устиновна Захарова, педагог-библиотекарь Эмисской средней общеобразовательной школы имени В.М. Новикова-Кюннюк Урастырова выбрали тему на конференцию связанную с фольклорным вариантом и создали письменный фольклорный текст. Опираясь на творчество Платона Алексеевича Ойунского «Нюргун Боотур Стремительный» и Владимира Михайловича Новикова «Могучий Тойон Джагарыма» восьмиклассник попробовал открыть закономерность и создал свою стихотворную конструкцию. Своё отношение к природоохранной деятельности Василия Васильевича Фёдорова и его соратников, автор рассматривает через сюжетную канву богатырской сказки. Мотивы деятельности героя олонхо близки, созвучны и совпадают со стремлением к установлению гармонии.
«Дима написал о Фёдорове Василий Васильевиче представив его в образе Богатыря. По сюжету он защищает Красавицу Амгу от Абааhы (темные силы). Ему помогают Девушка-Богатырь (Иванова-Сидоркевич Ольга Петровна, основатель и руководитель детского образцового этнографического ансамбля «Амма чэчирэ», легендарная певица, автор песен, общественный деятель) и Харысхал Боотур (Васильев Василий Егорович-Харысхал, член союза писателей СССР, народный писатель Якутии, общественный деятель). Произведение написано по жанру Олонхо»,- пояснила Ульяна Устиновна.
Полный текст стихотворения «Кыыс Амманы көмүскээччи» Дмитрия Захарова:
«Кыыс Амма – Амма өрүс,
Кини ырыаҕа ылламмыт,
Хоһооҥҥо хоһуйуллубут,
Сырдык ыраас уулаах,
Уутугар көмүс хатырыктаахтар устар,
Хочотугар сыспай сиэллээхтэр сырсар,
Хороҕор муостаахтар хойдор,
Быйаҥнаах сиригэр-уотугар
Дьон-сэргэ олохсуйар,
Көтөр кынаттаахтар
Күнү айхаллаан ыллыыр-үҥкүүлүүр,
Баранар мастаах тыатыгар
Араас бэйэлээх кыыллар үөскүүр,
Ɵрүстэрэ буолар эбит.
Кыыс Амма уутуттан утахтарын ханнаран,
Уйгутуттан-быйаҥыттан бэриһиннэрэн,
Үрүҥ илгэтиттэн аһаан-сиэн,
Ɵрөөн-тохтоон, сөрүүкүүр, сынньанар
Олохсуйбут сирдэригэр Соморсуҥҥа
Ааспыт үйэ түөрт уон ордугуна
Аҕыс сыллаахха
Дьарааһын кыыһа Сүөкүлэ Ийэ хотун
Уонна Уус Баһылай Аҕа тойон
Сүөдэрэптэргэ уол оҕо төрөөбүт.
Уолбут барахсан
Биир хонук ааһыыта биир саастанна,
Икки хонук ааһыыта икки саастанна.
Сити курдук отут аҕыс хонук ааһыыта
Отут аҕыс саастанан
Буутун этэ буһан,
Сиһин этэ ситэн,
Үрдүк үөрэхтэнэн,
Кыһамньылаахтык үлэлээн,
Талааннаах салайааччытын көрдөрөн,
Айыы бухатыыра буолан,
ҮрдүкүАйыыларбыт
Бөлүһүөк Баһылай Баатыр диэн ааттаатылар.
Ити кэмҥэ аллараа дойдуга
Абааһы ааттахтара мунньустаннар
Кыыс Амма кэрэ дойдутугар,
Кини баранар маһыгар дуораһыйаннар,
Тимир тиистээх адьарай массыыналарынан
Кэрдэн, таҥастаан, атын дойдуга атыылаан,
Ас-таҥас таһаарынан
Харахтарыгар харчы хатанна,
Ытыстара кыһыйда,
Истэрэ кычыгыланна,
Улаханнык алларастаан күллүлэр,
Сүөргүтүк үөрдүлэр.
Ол кэннэ yc улахан абааһы бухатыырдара
Кыыс Амма үөһэ өттүгэр
Алдан уонна Амма улуустарын быысаһыыларыгар
Олохсуйан олорон
Тимир тиистээх адьарай массыыналарынан
Кэрдэргэ оҥостунан кэллилэр.
Орто дойду дьонноро
Адьарай массыыналар сири хамсатар тыастарын,
Ыраас салгыны хамсаппыттарын
Дьиксинэ иһиттилэр,
Олуһун долгуйдулар,
Кыыс Аммалара кууран-хатан,
Уйгу-быйаҥ олохторо огдолуйуон сэрэйэннэр
Үрдүкү Айыылартан көмө көрдөөтүлэр,
Тойон Таҥараҕа үҥтүлэр.
Онуохаҕа Үрдүкү Айыылар
Орто дойду дьонугар
Маннык диэн этиилээх буолбуттар:
Кыыс Амма биэрэгэр Соморсуҥҥа
уйгутуттан-быйаҥыттан бэриһиннэрэн,
үрүҥ илгэтиттэн аһаан-сиэн,
өрөөн-тохтоон, сөрүүкүүр, сынньанар
олохсуйбут сирдэригэр
Сүөдэрэптэргэ уол оҕону ыыппыппыт,
Ол уол оҕобут
буутун этэ буһан,
Сиһин этэ ситэн,
Айыы бухатыыра буолбутун,
Биһиги
Бөлүһүөк Баһылай Баатыр диэн ааттаабыппыт.
Кини эһиэхэ өйөбүл-тирэх,
Дурда-хахха буолан,
Күүстээх көмө оҥоруо,
Кыыс Амманы көмүскүө.
Киниэхэ биһиги илдьит ыыттыбыт,
Кыыс Амманы көмүскүүргэ
Сорудах биэрдибит.
Үрдүкү Айыылартан
Кыыс Амманы көмүскүүргэ
Илдьит тутан,
Сорудах ылан
Бөлүһүөк Баһылай Баатыр
Тылын сытыылаата,
Хоммут уоһун хоҥнорон,
Ɵрөөбүт уоһун өһүлэн
Үрдүк сололоохтор мунньахтарыгар
Элбэхтэ эттэ-тыынна,
Бөрүөтүн уһуктаата,
Кумааҕытын булунна,
Сурук арааһын суруйда.
Ол кэннэ yc абааһы бухатыырдарын
Тэҥҥэ киирсэр түһүлгэҕэ ыҥырда.
Бу күөн көрсүһүүгэ
Үрүҥнэрэ-харалара биллэн,
Кырдьыктара-сымыйалара дакаастанан,
Икки өттүттэн хабыр хапсыһыы
Дьулааннааҕа саҕаланна
Кимэн киирсиһии
Эрийсиилээҕэ буолла,
Уҥа-хаҥас быраҕыстылар,
Уҥуор-маҥаар дайбастылар.
Онуоха Бөлүһүөк Баһылай Баатырга
Соҕотох бэйэтэ
Үс абааһы бухатыырдарын кытта
Киирсэн,
Эттээх бэйэтэ элэйэн,
Сыалаах бэйэтэ сылайан эрдэҕинэ,
Көмөҕө Харысхал Боотур
Уонна Кыыс бухатыыр кэллилэр.
Харысхал Боотур диэн
Кимий диир буоллаххытына,
Эмиэ Соморсунтан төрүттээх,
Сытыы бөрүөлээх,
Суруйааччы киэнэ талааннааҕа,
Дойдутугар, норуотугар бэриниилээх,
Аммабыт бастыҥ боотура буолар.
Кыыс бухатыыры билиһиннэрдэххэ
Кэрэ куоластаах, көмүс күөмэйдээх,
Муударай санаалаах,
«Амма чэчирэ» ансаамбылы тэрийбит,
Дойду, норуот туһугар
Бэриниилээхтик үлэлиир
Киэн туттар Кыыс Бухатыырбыт буолар.
Кинилэр көмөҕө кэлэннэр
Дьэ, кыргыһыы сытыырхайда,
Үс абааһы бухатыырдара
Сылайан, аллараа дойдуларын санаатылар,
Орто дойдуга кэлбиттэрин кэмсиннилэр.
Ити курдук охсуһуу улам уҕараан,
Үс абааһы бухатыырдар кыайтарыы
Кыһыытын биллилэр,
Тимир тиистээх адьрай массыналарын илдьэ
Аллараа дойдуларыгар уку-сакы аттаннылар.
Кыайыы өрөгөйүн билэн,
Бөлүһүөк Баһылай Баатыр
Харысхал Боотурга, Кыыс Бухатыырга
Үөрүүтүн биллэрэн,
Ыга кууһан ылла,
Махтал тылларын эттэ.
Ол кэннэ үс Айыы бухатыырдара
Аттарыгар олорон
Кыыс Амма диэки айанныы турдулар.
Бу хабыр хапсыһыы
Айыы бухатыырдарын
Кыайыытынан түмүктэммитин
Көтөр-сүүрэр
Илэ хараҕынан көрөн,
Орто дойду дьонугар
Ырыанан айхаллаан,
Тойугунан туойан тиэрдэ.
Бу үөрүүлээх сонуну истэн,
Көмүскээччилэрин айхаллыы
Кыайыыларын уруйдуу,
Уйгу-быйаҥ ыһыах ыстылар.
Онуоха Кыыс Амма
Быыһаммыт үөрүүтүттэн,
Истиҥник махтанан
Сырдык ыраас уутун
Ойон тахсар күммүт сардаҥатыгар
Күлүмүрдэтэ сандаарта,
Долгуннура ооннньотто.
Үйэлэр тухары
Ыраас уугунан угуттуу,
Уйгуну-быйаҥы түстүү
Уста тур Кыыс Амма!»
Поздравляем победителя с успешным выступлением, благодарим педагога и родителей за воспитания созидателя, желаем новых идей и вдохновений!
Нина ПЕРФИЛЬЕВА.