Хаһаайыстыбалар бурдук хомуурун бүтэрэннэр бааһыналарга иһиллээбит курдук ылы-чып чуумпу сатыылаата. Хомуур бастакы күннэригэр саппарах түһэн «бурдук сытта, ыксал буолла» диэн улуус сүрүн агронома Николай Гаврильев сымыһаҕын быһа ытыран уолуйбута баара да, билигин санаата көнньүөрэн, хараҕа сырдаан: «Үүнүү үчүгэй буолан былааммытын куота толордубут. Хаар түһэн мэһэйдээбэтэҕэ буоллар өссө элбэҕи ыларбыт хаалла«, — диэн этэр.
Николай Степанович ааҕан-суоттаан суруммутунан, улуус үрдүнэн 4195 туонна бурдук хомуллан былаан 107,4% туолла. Мантан сэлиэһинэйэ — 322, нэчимиэнэ — 1197 уонна эбиэһэ — 2676 туонна. Хаһаайыстыбалар ылыммыт былааннарын бары таһынан толоро сыстылар. Ол курдук, «Амма» ТХПК — 2005 туонна (былаанын 108% толордо), «Болугур» ТХПК — 500 (100%), «Бөтүҥ» ТХПК — 620 (100%), «Абаҕа» ХЭТ — 723 (114,8%), «Соморсун» ТХПК — 300 (100%), «Наука» ХЭТ — 47 туонна бурдугу хомуйдулар.
Олег ЕГОРОВ