Хаһаайына суох диэн ыт суох

Амма улууһун административнай хамыһыйатын  эппиэттиир сэкэрэтээрэ Анатолий Стручков уонна  СӨ ветеринарияҕа Департаменын территориальнай подразделениетын старшай судаарыстыбаннай инспектора Матрена Каприна буолан бэйдиэ сылдьар ыттары тутар приют кыстыкка бэлэмин баран көрдүлэр.

Күн бүгүн бу приютка 20 ыт баар. Атахтарга турар уонна дьон бэлэхтээбит уйаларыгар быстах кэмҥэ дьиэлэммиттэр. Атахха турар сорох килиэккэлэргэ иккилии, бэл диэтэр үстүү ыттар тураллар. Дьон кэлбитигэр айманан, тугу эрэ этиэхтэрин баҕарардыы үрэн моргуһуу. Кэрийэн көрдөххө, араас боруода ыт барыта баар. Хата, киһи эрэ таптыах көрүҥнээхтэр. Сорох ыттар “Миигин ылаҕын дуо” диэбиттии хайдах эрэ аһыннарбыттыы көрөөхтүүллэр.

“Билигин приютка  20 ыт баар. Муҥутаан элбээбитэ 40-тан тахса сылдьыбыта. Манна киирбит ыттар хаһаайыннаах буоллахтарына, хаһаайыннара кэлэн илдьэ бараллар. Онтон дьиэтэ-уота суох ыттары төрөөбөт-ууһаабат гына эпэрээссийэ оҥоробут. Онно анал дьиэлээхпит. Бэтэринээрнэй сулууспаны кытта ыкса үлэлиибит. Ол кэнниттэн кинилэр мантан тахсан бараллар”, — диэн приют салайааччыта Антонина Птицына кэпсиир.

Антонина Рустамовна бу үлэҕэ кэргэнэ Алексейдыын үлэлииллэр. Бастаан бэйэлэрэ эрэ үлэлээбит буоллахтарына, билигин биир үлэһиттээхтэр.

Күҥҥэ иккитэ аһыыллар. Сарсыарда уонна киэһэ. “Чаппи” уонна ыкка аналлаах “Доҕор” диэн ааттаах комбикорма биэрэбит. Араас ыттар кэлэллэр. Агрессивнай соҕустара ити биирдии тураллар. Сымнаҕастар хастыы да олоруохтарын сөп. Хаһаайыннаахтар элбэхтэр. Ыттарын кэлэн ылан бараллар”, — диэн үлэһит Семен Попов этэр.

Ыттары кытта үлэлэһэргэ ылсыбыт Алексей Иванов ыттар бары кэриэтэ хаһаайыннаахтарын этэр.  Өссө сорохтор ыла кэлэн баран кыыһыраллар эбит. Манна турбут чиптээх ыттар хаһаайыннара тута биллэр. Кинилэр ыттара приютка турбут кэмнэригэр ыстараап төлүүллэр.

Дьиҥ дьиҥин ыллахха, хаһаайына суох диэн ыт суох. Быраҕыллыбыт ыттар бааллар. Онон бэйэбит бэрээдэктэнэ иликпитинэ бэйдиэ сылдьар ыттар аҕыйыахтара суоҕа. Хас биирдии дьиэ кыылын иитэр киһи киниэхэ  эппиэтинэстээх буолуохтаах. Ыт уулуссаҕа мээнэ сүүрэ сылдьыа суохтаах. Бүгүн приют кыстыкка бэлэмин көрдүбүт. Эпэрээссийэ оҥоһуллар сиригэр уот баар, оһоҕо хаһан баҕарар отторго бэлэм турар”, — диэн административнай хамыһыйа эппиэттиир сэкэрэтээрэ Анатолий Стручков бэрэбиэркэ түмүгүнэн санаатын үллэһиннэ.

“Амма олоҕо” хаһыат