Бурдугу быһыы саҕаланан бурдуктаах хаһаайыстыбалар бааһынаттан ордубаттар. Кэлии-барыы үксээбит, тыас-уус тип-тигинэс, үлэ күөстүү оргуйар. Бу иннинэ халлаан саппарахтаан атахтаан кэбиспитэ, инчэҕэй хаардаан сорох бааһыналарга бурдук сыппыта. Ол хомуурга обургутук мэһэйдиир кыахтаах.
Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын сүрүн агронома Николай Гаврильев тутан олорор бүгүҥҥү, балаҕан ыйын 18 күнүнээҕи субуоккатыттан биллэххэ, 697 гектартан 867 туонна бурдук хомулунна. Ол иһигэр 63 туонна сэлиэһинэй, 285 тн. эбиэс, 523 тн. нэчимиэн.
“Бурдук үүнүүтэ куһаҕана суох. Гектартан, ортотунан, 12,4 центнер кэлэ турар. Бөлүүн, хата, хаһыҥ түстэ. ХомуургаБурду ол эгэ эрэ“ диэн сыана Николай Степанович санаата көтөҕүллэн олорор.
Улуус үрдүнэн бурдук уопсайа 3595 гектарга ыһыллыбыта. Хаһаайыстыбаларынан ыллахха, ”Амма” ТХПК — 1610, ”Бөтүҥ” ТХПК – 576, “Абаҕа” ХЭТ – 564, “Бологур” – 500, “Соморсун” – 300, “Наука” ХЭТ – 44 гектарга туорахтаах култууралары ыспыттара. Николай Степанович ардах, хаар түһэн харгыстаабатар хаһаайыстыбалар хомуурдарын алтынньы ый саҥатыгар бүтэриэхтэрэ диэн этэр.
Олег ЕГОРОВ