Амма улууһугар уопсайа 17 быыбардыыр учаастак баар. Балаҕан ыйын 10 күнүгэр күнүс 12 чаас түмүгүнэн хайа нэһилиэккэ быыбар ордук көхтөөхтүк баран иһэр? Бу туһунан билсиэҕиҥ.
Быйылгы быыбарга дьон хаһан да буоларын курдук син биир көхтөөхтүк кыттар. Ааспыт быыбарга Амма улууһа биир бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьыбыта. Ол эбэтэр нэһилиэнньэ быыбардааччытын 80-тан тахса бырыһыана бэйэтин гражданскай иэһин толорон куолаһын биэрэ учаастактарга кэлбитэ. Быйыл да бу тэтиммитин ыһыктыбакка куоластыыбыт. Нэһилиэктэргэ баар быыбардыыр учаастактар быыбардааччыларга бырааһынньыктыы санааны көтөҕөллөр. Холобура бүгүн Эмис нэһилиэгэр быыбар түмүктүүр күнэ сцена бэтэрээнэ Софья Соловьева истиҥ ырыатынан аһылынна. Онтон Болугур нэһилиэгэр далбар хотуннар бары сахалыы таҥнан кэлэннэр, хамыыһыйа чилиэннэрин да, атын да быыбардааччылары сэргэхситтилэр, сөхтөрдүлэр.
Учаастактарынан көрөр буоллахха күнүс 12 чааска Амма нэһилиэгин 44-с №-дээх быыбардыыр учаастага 45, 35 бырыһыан, 45№-дээх учаастак 47, 47 бырыһыан, 46 №-дээх учаастак 46, 05 бырыһыан куоластаатылар. Салгыы Сулҕаччыга 62, 55, Соморсуҥҥа 66, 91, Мээндигигэ 53,16, Абаҕаҕа 63,64, Бөтүҥҥэ 47, 93, Чапчылҕаҥҥа 47, 89, Чакырга 49, 11, Покровкаҕа 49, 87, Болугурга 56, 90, Амма Наахара5а 51, 39, Эмискэ 64, 85, Алтаҥҥа 58,55, Сатаҕайга 52, 27, Сэргэ Бэскэ 65,99 бырыһыан быыбарга кытыннылар. Онон күн ортотугар бастыҥ көрдөрүүнү Сэргэ Бэс нэһилиэгэ ылан иһэр.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат