Кулун тутар 15-17 күннэригэр дойдубут олоҕор олус суолталаах быыбар буолаары турар. Ол курдук бу күннэргэ биһиги Арассыыйа Бэрэсидьиэнин талыахпыт. Быыбардааччыларга табыгастаах буоллун диэн учаастактааҕы быыбар хамыыһыйалара өйдөтөр, сырдатар үлэни ыыта сылдьаллар.
Улуустааҕы территориальнай ТИК иһитиннэрбитинэн, Амма улууһугар учаастактааҕы хамыыһыйалар олунньу 17 күнүттэн саҕалаан кыбартыыраларынан уонна дьиэлэринэн сылдьан быыбардааччылары кытта көрсүһэллэр. Ол курдук кинилэргэ хайдах куоластыыры, ханна тиийэн, хаһан куоластыыры бэрт үчүгэйдик быһааран биэрэллэр. Маннык ыйытыгы ыытар хамыыһыйа чилиэннэрэ анал формалаахтар, Арассыыйа Бэрэсэдьиэнин быыбара анал логотиптаах суумкалаахтар, планшеттаахтар уонна ааттара-суоллара сурулла сылдьар бейджиктээхтэр.
Өйдөтөр, сырдатар үлэ кулун тутар 7 күнүгэр диэри ыытыллыа. Бу күҥҥэ диэри нэһилиэктэргэ баар учаастактааҕы хамыыһыйалар бэйэлэрин территорияларыгар олорор быыбардааччыларыгар сылдьан Дойдуга ыытыллар суолталаах быыбар туһунан кэпсиэхтэрэ, барытын быһааран биэриэхтэрэ.
“Амма олоҕо” хаһыат