«Хайыһар» ырыа саха дьолугар айыллыбыта

Саха дьоно бары сөбүлээн ыллыыр «Хайыһар» ырыа тылларын Нам улууһун Аппааны нэһилиэгиттэн төрүттээх фронтовик-поэт, тылбаасчыт, публицист Илья Винокуров — Чаҕылҕан 1942 сыллаахха суруйбута. Бу ырыа Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр үгүс саха буойуттарын кыайыыга кынаттаабыта, күүс-уох биэрбитэ. Ырыа айыллыбыт историятын туһунан 2014 сыллаахха «Саха сирин киэн туттар дьоно» сериянан  тахсыбыт «Илья Дорофеевич Винокуров — Чаҕылҕан» кинигэттэн быһа тардан бэчээттиибит.


 

Саха норуодунай суруйааччыта Николай Якутскай Петр Тобуруокапка маннык кэпсээбит:

Ити «Хайыһар ырыатын» Чаҕылҕаҥҥа мин суруйтарбытым ээ! Мин кинини всеобуч ротатыгар байыаннай дьыалаҕа бэлэмниэхтээҕим, рота командира этим. Биирдэ хайыһарга эрчиллии буолбутугар, Илья Дорофеевич: «Николай Гаврильевич, миигин итинтэн көҥүллээ эрэ, мин кыайан хайыһардыа суохпун!», — диэтэ. Көрбүтүм – киһим, кырдьык да, дьарамай, дөлөкүспүт уолаттардыын сылдьар кыаҕа суох! «Чэ, буоллун! Хаал! Ол гынан баран, биһиги кэлиэхпитигэр диэри манна олор уонна биир хоһоонно суруй!», — диэтим. Киһим хаалла, кэлэрбитигэр «Хайыһар ырыата» хайыы-үйэ бэлэм этэ! Онон итиннэ мин да кыттыылаахпын! – диэн күлэрэ.

Ырыа мелодиятын нуучча талааннаах композитора Андрей Филиппович Костин айбыта. Ол маннык. Биирдэ Костин поеһынан айаннаан иһэн бу хоһоон тыллара көлүөһэ тыаһыгар ханыылаһан ньиргийэн иһиллиэхтэрин, өрө күүрүүлээхтик, дохсуннук ылланыахтарын өйдүү биэрбитэ. Тута матыып айан Чаҕылҕаҥҥа ыыппыта. Хоһоон автора сөбүлэспитэ.

Хайыһар биригээдэтин байыаһа, снайпер Алексей Спиридонович Бродников поэт бу ырыа туһунан маннык эппит:

«Ыарахан күннэргэ «Хайыһар ырыата» биһигини быыһаабыта, уолаттар бойобуой марш матыыбыгар чугаһатан ыллыыллара. Оччоҕуна сэниэтийэрбит. Санаабыт бөҕөргүүрэ. Сылайан охторбут буоллар эрэ, «Хайыһар ырыатын» тардан кэбиһэрбит. Элбэх саханы бу ырыа өйөөбүтэ, кинилэргэ күүс-сэниэ эппитэ. Бу хоһоон саха дьолугар айыллыбыт».

 

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше