400 тахса дэгэрэҥ ырыа матыыбын айбыт, 100 тахса драматическай оруолу толорбут Саха АССР норуодунай артыыһа, норуот ырыаһыта, самодеятельнай композитор Христофор Трофимович Максимов аатын үйэтитиигэ Сулҕаччы нэһилиэгин дьаһалтата, Сулҕаччытааҕы култуура киинэ ситимнээх үлэни ыыталлар. Холобура, бу күннэргэ саха ырыатын-тойугун өйүүр Х.Максимов фондата уонна СӨ музыка уонна фольклор түмэлэ көмөлөөх “Киристэпиэл ырыатын дьүһүлгэнэ” сыахай оҥоһугун күөн күрэһэ тэриллэн Дьокуускай олохтоохторун, ыалдьыттарын болҕомтолорун тарта.
Төһө даҕаны Улуу Эбэни туоруур суол хааччахтаннар, ыарахаттары аахсыбакка ыраах-чугас 7 улуустан 17 кыттааччы үлэлэрин дьүүллүүр сүбэ иннигэр туруордулар. Эгэлгэ матырыйааллартан оҥоһуктары «Симэх» национальнай киин фонда уонна быыстапка отделын салайааччыта Анна Константиновна Капустина, СӨ уус-уран оңоһук маастара, Россия худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ, СӨ кукольниктарын айар сойууһун чилиэнэ Агафья Ивановна Колесова, СӨ культууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ геолокультурнай сайдыы институтун режиссера, СӨ театрын сойууһун чилиэнэ Саргылаана Саввична Адамова, Россия уонна СӨ худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ, СӨ культуратын туйгуна, худуоһунньук Николай Николаевич Рязанскай сыаналаатылар.
Идэлэрин толору баһылаабыт дьүүллүүр сүбэ биир сүбэнэн кыайыылаахтары, биһирэбил миэстэлээхтэри быһаардылар. Сыахай күрэҕэр фонда аатыттан анал бириистэринэн Сэргэ Бэстэн “Харысхал” түмсүү, Сунтаар сэлиэнньэтиттэн Сергеева Капиталина Михайловна, А.Е. Кулаковскай аатынан Таатта улууһун Дьохсоҕон орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччилэрэ Захарова Ираида, Яковлева Мичийэ (салайааччылара уруһуй, технология учуутала Виктория Прокопьевна Бысыина), Алтан нэһилиэгиттэн Кириллина Екатерина Алексеевна бэлиэтэннилэр. «Күрэх арыйыыта» анал аат Сэргэ Бэстэн Анастасия Леонидовна Фоминаҕа, «Дууһам кылын таарыйан» анал аат Чурапчы улууһун Үрүҥ Күөлүттэн Ирина Николаевна Филипповаҕа, «Киристэпиэл кэрэхсэлэ» анал аат Алтантан Айталина Анисьевна Дячковскаяҕа, «Ырыалыын ыллаһар» анал аат Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүттэн Айыына Васильевна Стручковаҕа, «Бэтиэхэлээх дьүһүлгэн» анал аат Бөтүҥтэн Наталья Станиславовна Рыжковаҕа, «Айхаллан үлэ» анал аат Московскай уобалас Короленко куоратыттан Людмила Петровна Васильеваҕа, «Сонун дьүһүйүү» анал аат Дьокуускайтан Саргылана Ивановна Сивцеваҕа иҥэрилиннилэр. Оттон “Кылаан чыпчаал» кыайыылааҕынан Хаҥаластан Каролина Петровна Парфенова буолла.
Уруһуй күөн күрэһин түмүгүнэн «Киристэпиэл кэрэхсэлэ» анал аат хаһаайынынан Сулҕаччыттан Розалия Петровна Винокурова, «Ырыалыын ыллаһар» анал аат хаһаайынынан Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүттэн Марфа Ивановна Ефимова, «Кылаан чыпчаал» кыайыылаах Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүттэн Айыына Васильевна Стручкова буоланнар өрөгөйдөөтүлэр, үөрүүлэрэ үрдээтэ.
Харах сымныыр, кэрэлиин кэккэлэһэр, дууһа сынньанар өссө биир сонун тэрээһинэ түмүктэннэ. Айар талааннаах дьоммутун киэҥ эйгэҕэ таһаарар маннык күрэхтэр өссө да элбии турдуннар.
“Амма олоҕо” хаһыат.