Хатыҥчаана уhуйааҥҥа «Бука бары уруhуйдуубут» бырайыак сэргэхтик ааста

Оҕолору кэрэҕэ уhуйар, абылыыр сыаллаах өрөспүүбүлүкэбит бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев көҕүлээбит «Бука бары уруhуйдуубут» бырайыак көhөрүллэ сылдьар бэлиэтэ, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэрин эргийэ көтөн кулун тутар ый 19 күнүгэр Амматааҕы «Сардаана» оҕону сайыннарар киинтэн «Хатыҥчаана» уhуйааммытыгар кэлбитэ.


Бырайыак чэрчитинэн уhуйааммыт иhинэн араас таhымнаах тэрээhиннэр, күрэхтэр, быыстапкалар, дьарыктар ыытылыннылар. Ол курдук, хас бөлөх аайы уруhуй ньымаларын туhанан оҕолор иитээччилэрин кытары араас үлэлэри оҥордулар. Холобура, үрэн уруhуйдааhын, ытыстарынан, тарбахтарынан ойуулары таhааран, салапаанынан, мээчигинэн, баатанан, губканан туhанан уруhуйдаатылар. Ону таhынан, педагог-психолог Саргы Антипина  тэрийбит «Дьоллоох оҕо саас» диэн дьиэ  кэргэнинэн уруhуй күрэҕэ көхтөөхтүк ааста. Манна 22 ыал үлэтэ кытынна. Кыайыылаахтар дипломунан, сэмэй бэлэҕинэн наҕараадаланнылар.  «Мин дьиэ-кэргэним гербэтэ» диэн оҕолор төрөппүттэринээн бэйэлэрин дьиэ кэргэннэрин бэлиэлэрин айан уруhуйдаан оҥорбуттара быыстапкаҕа туран дьон сэҥээриитин ылла.

Салгыы «Чэчир» галереяҕа педагогтар Наталья Акимова, Гульнара Толстоухова персональнай быыстапкалара аһылынна. Иитээччилэр живопись уонна иллюстрирование ньымаларынан үлэлэрэ киэҥ эйгэҕэ таҕыстылар. «Бука бары уруhуйдуубут» бырайыак бэлиэтин оҕо төрөппүтүнээн уонна уhуйаан үлэhиттэрэ уруhуйдаан коллаж оҥорон киэргэтэн, көхтөөх кыттыыны ыллылар. Ону таhынан, Аммаҕа Олоҥхо сылынан сибээстээн остуоруйаны, олоҥхону оҕоҕо билиhиннэрэр сыаллаах уhуйааммыт үлэhиттэрэ үс дойдуну уруhуйдаан оҥордулар.

Биһиги «Бука бары уруhуйдуубут» бырайыак көhө сылдьар бэлиэтин үөрүүлээх быhыыга-майгыга «Кэнчээри» оҕо сайдар киинин үлэhиттэригэр, оҕолоругар туттардыбыт. Дьоро күнү иитиллээччилэр, төрөппүттэр уонна үлэhиттэр оҥорбут үлэлэрин, уруhуйдарын быыстапката, эҕэрдэ нүөмэрдэр киэргэттилэр. Бу кэрэни кэрэхсии үөрэнэргэ, тулалыыр эйгэни, айылҕаны ытыктыырга туhуламмыт бырайыак өссө да элбэх оҕону, төрөппүттэри хабан өрөспүүбүлүкэбитин эргийэ көттүн, саҥа талааннары арыйдын диэн алгыс тылбытын аныыбыт.

Елена МИХАЙЛОВА, Мария ЗАРОВНЯЕВА

Читайте дальше