Хорсун хоодуот ийэ

Бүгүн Аҕа дойду сэриитин сылларыгар тыылга кыайыыны уһансыбыт, таһаҕас тиэйиитигэр сылдьыбыт хорсун хоодуот  ийэ, Амма Наахара нэһилиэгин ытык киһитэ  Мария Терентьевна Васильева төрөөбүтэ 100 сыла. Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар кини күн сирин көрдөрбүт оҕолоро ийэлэрин туһунан истиҥ иһирэх тылынан ахталлар.

…Ийэ буолуу дьиҥнээх кута,  айылҕаттан бэриллиитэ кыыс оҕо киһи буолан айыллан бу Орто дойдуга кэлиэҕиттэн олохсуйар. Оҕоҕо төрөппүт ийэ таптала, кини араҥаччылыыр күүһэ киһи кыайан туохха да тэҥнээбэт, көстүбэт көмүскэллээх эйгэ буолар. Биэспитигэр да, биэс уоммутугар да биһиги ийэлэрбитигэр өрүү оҕолорбут эбээт. Ийэҕэ бу Орто дойдуга оҕотуттан ордук күндү, ама,туох баар буолуон сөбүй?!  Бүгүн Амма- Наахара нэһилиэгэр бэлиэ күн. Ол курдук сэрии сылларыгар Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбит, истиҥ ийэ, эйэҕэс эдьиий, эбэ  Васильева Мария Терентьевна төрөөбүтэ 100 сыла.

Мария Терентьевна тохсунньу 15 күнүгэр 1924 сыллаахха кэрэ айылҕалаах, Кыыс Амма биэрэгэр турар Ымыйахтаах сиригэр олохсуйбут  Яковлевтар дьиэ кэргэҥҥэ төрдүс, бүтэһик оҕонон күн сирин көрбүтэ. Убайа Арамаан, эдьиийдэрэ Настаа, Боккуой, Мария эдэр саастарыгар Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта. Нэһилиэк аҕалара, саастарын сиппит уолаттара Ийэ дойдуларын көмүскүү уоттаах сэриигэ туруммуттара. Онтон атаара хаалбыттар Кыайыы туһугар үлэлээн барбыттара. Кинилэр туохтан да чаҕыйан турбакка, «Барыта фроҥҥа, барыта Кыайыы туһугар» диэн лозуннаах үлэ күөстүү оргуйбута.  Дьахталлар эр дьону солбуйан колхуос ыарахан үлэтигэр утуйары да умнан туран үлэлээбиттэрэ. Ол курдук сарсыарда им балай сырдыыта туран баран, үс туман түһүөр диэри дулҕаны миинэ сылдьан оттууллара. Саас ыһыыга, күһүн бурдук хомууругар систэрин көннөрбөккө үлэлииллэрэ. Бу ыарахан кэмнэргэ Мария Терентьевнаны  Ааллаах Үүҥҥэ атынан таһаҕас таһыытыгар ыыппыттара.  Маннык ыарахан үлэҕэ бэйэлэрин кыанар, эппиэтинэстээх дьону ыыталлара. Олортон биирдэстэрэ эдэркээн Мария этэ. Күһүн өрүс турбутун кэннэ сэтинньи ыйга 3-4 көлүүр сыарҕа атынан  баран баран, саас өрүс устуон эрэ иннинэ ыам ыйыгар биирдэ төннөн кэлэллэрэ. Таһаҕасчыттар  кыһын устата хайдах — туох дьылҕаламмыттарын ким да билбэт этэ. Олус ыарахан, сылаалаах үлэҕэ сорохтор суорума суолланаллара. Манна аччыктааһын, тоҥуу — хатыы барыта баара. Таһаҕас таһааччылар кыһалҕаны эттэринэн — хааннарынан билбиттэрэ. Мария Терентьевна Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар иккитэ сылдьыбыта, үсүһүн бараары таһаҕас тиэнэ сырыттаҕына мыылалаах дьааһык үрдүгэр түһэн, ол сырыыттан хаалан өр эмтэммитэ. Хорсун хоодуот үлэһит  1948 сыллаахха «За доблестный труд во время Отечественной войны 1941-1945г.г»  диэн Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Кини кыра кыыһа, Үлэ Дьоруойа П.И.Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатын бэтэрээн учуутала, нэһилиэккэ » Эгэлгэ» коллекционердар түмсүүлэрин салайааччыта, үһүс көлүөнэ оскуола волонтера Лариса Унарова ийэтин туһунан истиҥник, иһирэхтик ахтар, кининэн киэн туттар.

 «Ийэм Мария Терентьевна сааһыран баран кэргэн тахсыбыт. Кини олус иистэнньэҥ этэ. Баата истээх телогрейкалары, бэл тыраахтар капотун кытта тигэрэ. Бырааһынньык чугаһаатаҕына дьоҥҥо сакааһынан араас муодунай былааччыйалары тигэр уус — уран тарбахтааҕа. Ол кэмҥэ быысапка, курууһуба баайыы тигэр таҥаһы киэргэтиигэ киирэн, ону бэркэ баһылаабыт эбит. Билигин ийэм иистэммит массыынатын, туттубут тэриллэрин харыстаан, ууран илдьэ сылдьабын. Таптыыр ийэм кэнники бэтэринээр куурсугар үөрэнэн бэтэринээрдээбитэ, онтон осеменатор куурсугар үөрэнэн чааһынай ыаллар ынахтарын буоһатара.

Оо, ийэм барахсан асчыт бөҕө этэ. Кини буһарар килиэбин сыта, амтана билигин да санаатахпына кэлэр курдук, наһаа да минньигэс буолара! Аны бэйэбит кэтэх хаһаайыстыбалаах, сүөһү бөҕөлөөх этибит. Сибиэһэй ыаммытынан үүт, сүөгэй куруутун баара.  Сарсыарда аайы ийэбит күөрчэх ытыйар тыаһыттан уһуктарбыт. Ийэм миэхэ сааскы сон тикпитигэр олуһун да үөрбүтүм. Ийэбин санаатахпына сылаас салгын, кини туохха да тэҥнэммэт таптала,  сымнаҕас аптаах илиитэ биллэр. Истиҥ көрүүтэ миигин олох суолун устун айанныырбар күүс-уох биэрэр. Кини 80 сааһыгар диэри биһигинниин тэҥҥэ сылдьан, сиэннэрин көрсөн олорон, ыалдьан олохтон туораабыта», — диэн Лариса Ивановна ахтар.

Уоттаах сэрии ыар сылларыгар, сут — кураан, алдьархайдаах хоргуйуу кэмнэригэр доруобуйаларын харыстаммакка хорсуннук холхуос сорудаҕын толорбут үтүө дьоммут сырдык ааттара  хаһан да сүппэт, умнуллубат. Кинилэр оҥорбут олохторугар олоруу, кэнчээри ыччакка холобур буолан кэрэни,  үтүөнү эрэ түстүүр.

Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА

Читайте дальше