Идэһэ сиэрин-туомун билистилэр

Сэтинньи ый – идэһэ кэмэ. Миитэрэйэп күнүттэн – сэтинньи 8 күнүттэн ыал кыстык устата сиир идэһэтин бэлэмнээбитинэн барар, Дьыл оҕуһун биир муоһа үүнэр, тымныылар түһэллэр. Идэһэ кэмэ бэйэтэ туспа үөрүүлээх, сүүрүүлээх-көтүүлээх, сиэрдээх — туомнаах. Болугур оскуолатын үөрэнээччилэрэ идэһэ астыыр сиэрин-туомун кытта билистилэр.


Субуота күн Е.Е. Пахомов аатынан Болугур орто оскуолатын учууталлара Наталья Кузьмина, Сахаяна Кожурова, Надежда  Пахомова, ону кытта  М.А. Ноговицын аатынан култуура киинин үлэһиттэрэ үөрэнээччилэри кытта олохтоох “Болугур” ТХПК –ҕа бара сырыттылар.

Манна  хаһаайыстыба сылгыһыттара, сылгы хаһаатыгар  оскуола орто сүһүөх уолаттарыгар, улуустааҕы «Дьөһөгөй» бырайыак кыттыылаахтарыгар идэһэ кэмигэр тутуһуллар сиэри-туому, сылгыны тутууну,  араарыыны көрдөрөн, билиһиннэрдилэр. Бу үгэс быһыытынан хас сыл аайы ыччаттарбытыгар үөрэтэр сыаллаах ыытыллар тэрээһин биир хайысхата буолар.

Евдокия ПЛАТОНОВА, М.А.Ноговицын аатынан култуура киинин уус — уран салайааччыта

Читайте дальше