Ийэҕэ оҕото этэҥҥэ, доруобай сылдьара — ол дьол

Саха сиригэр Ийэ күнүн быйыл 30-с сылын бэлиэтиибит. Бу күн сыл аайы алтынньы үһүс өрөбүлүгэр түбэһэр. Ийэҕэ муҥура суох сүгүрүйүү, махтал, таптал бэлиэтин көрдөрөр сырдык, ыраас бырааһынньык Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев Ыйааҕынан 1993 сыллаахха, оттон Арассыыйаҕа 1998 сылтан сэтинньи бүтэһик өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр. 

Киһиэхэ бу сиргэ саамай чугас, күндү киһитэ күн күбэй ийэтэ буолар. Онон халандаарга маннык ытык даата олохтоммута саамай сөп. Күннээҕи түбүк, тэтимнээх олохпут сүүрүгэр кыратык тохтоон ылан, күн сирин көрдөрбүт ийэлэрбитигэр болҕомто уурар, ахтан, санаан ааһар истиҥ күммүт. Дьэ, ол иһин биһиги бүгүн улууспут биллэр олохтоохторуттан ийэлэрин туһунан санааларын ыйыталастыбыт.
Биир бастакынан улуустааҕы нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуу киинин салайааччыта Вензель Лена Кимовналыын кэпсэттибит.

Мин олохпор саамай бастыҥ холобур, туохтан да толлон турбат, барыны бары сатыыр ийэм буолар. «Киһи сатаабата суох» диирэ. Ону куруук саныыбын, ахтабын. Мин ийэм Вензель Евдокия Николаевна — иистэнньэҥ, театр артыыската, путешественница, куруук аан дойдуну көрөр баҕалааҕа. Күүстээх санаалаах буолан, инбэлиит аҕабын 18 сылы быһа көрөн-истэн олорбута. Күндү киһибинэн ийэбинэн киэн туттабын! Ийэм баар буолан, мин дьоллоохпун, оҕолордоохпун, таптыыр киһилээхпин. Ийэм билигин баара буоллар, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн, араас дойдуну көрөрүгэр путевка уонна дьиэ иһинээҕигэ туттуллар мал бэлэхтиэм этэ. Дьахтар киһи куруук оннукка үөрэр дии саныыбын.

Салгыы быйыл улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыт Владимир Владимирович Колосовтыын кэпсэттибит.

Биһиги ийэбит Колосова Людмила Михайловна 1990 сыллаахха аҕабыт саахалга түбэһэн олохтон туораабытын кэннэ сэттэ оҕону барыбытын атахпытыгар туруоран, үөрэхтээх дьон оҥортоон, иитэн, улаатыннаран таһаарбытыгар биһиги махталбыт, тапталбыт муҥура суох. Мин ийэм сытыары-сымнаҕас майгылаах, хаһан да кыыһырбат, дьоҥҥо-сэргэҕэ өрүү үтүө сыһыаннаах. Ийэм баар буолан, мин дьоллоохпун, ыал аҕата буолан биэс оҕону төрөтөн дьоллоохтук олоробут. Ийэҕэ саамай күндү бэлэх — төрөппүт оҕолоро этэҥҥэ доруобай, үтүө дьон буолан оҕолонон-урууланан олороллоро.

Амма улууһугар соҕотох анестезиолог быраас, «Алаас» түөлбэ салайааччыта Петр Валерьевич Табунанов ийэтин билбэт киһи суоҕа буолуо. Бөтүҥ олохтооҕо Табунанова Евдокия Петровна айылҕаттан талааннаах эмчит, массажист.

Бу күн сиригэр саамай убаастыыр, киэн туттар, күүскэ да күүскэ таптыыр киһим ийэм буолар. Кини мин олохпор оруола, суолтата олус улахан. Мин ийэм күҥҥэ тэҥнээх. Хайдах да балаһыанньаҕа миигин куруук өйдүүр, өйүүр. Ийэм баар буолан мин дьоллоохпун. Ийэбэр саамай күндү бэлэх оҕолорун ситиһиилэрэ, чэгиэн, доруобай сылдьаллара буолар дии саныыбын.

 

Ийэбит баар буолан, чахчы биһиги дьоллоох дьоммут. Саха киһитэ бэйэбит сэмэй майгыбытынан хас күн аайы сыллыы-ууруу, бэлэх-туһах биэрэ сылдьыбатарбыт да, сүрэхпит күүстээх тапталын, муҥура суох махталын, уйан иэйиибитин ийэ сүрэҕэ бүтэйдии сэрэйэр, таайар. Ийэҕэ оҕото этэҥҥэ, доруобай сылдьара — ол дьол.
Онон күндү ааҕааччыларбыт бүгүн ийэҕитин үөрдэн истиҥник кууһан, сахалыы сыллаан ылыҥ.

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше