«Ийээ, махтанабын төрөппүккэр»

Бу маннык истиҥ тыллары Аммабыт айар талааннааҕа Алексей Гаврильевич Эверстов ийэтигэр өрүү махтанан этэрэ. 2016 сыллаахха ийэтэ, Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылааҕа Анастасия Алексеевна Эверстова уустук дьылҕатын туһунан сиһилии «Бу аата — олох» диэн киһи сүрэҕин долгутар кэпсээн суруйбута.

«Мин киэҥ-холку майгылаах ийэм барахсан, Настаа эбэбит олоҕо оччотооҕу элбэх киһи дьылҕатын санатыа буолуо. Ол эрээри кини олоххо ирээтэ кимиэнигэр да маарыннаабат«, — диэн эппитэ Алексей Гаврильевич. Бүгүн Алексей Гаврильевич ийэтигэр анаан «Ийэлээх этим эбээт…» диэн хоһоон суруйан ыытта. Ону эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт.

Ийэлээх этим эбээт…

Олоҕуҥ оһуор ойуута суолун
Билигин кэлэн өйдүүбүн…
Оҕолуу санаабар барыта кэбэҕэс,
Судургу буолбатаҕын билэбин.

Оһуор чуоҕур хара балаһаларын—
Өлөр-быстар иэдээнин,
Сэрии ынырык кыһарҕанын
Эн билбитиҥ эбээт, ийэкээм…

Көһөрүүттэн тыыннаах
Оҕолоргунуун эргиллибиккэр
Дьылҕаҕар махтана саныырыҥ
Эрээри… эрэйи барытын бэйэҥ

Эт түөскүнэн тэллэҕиҥ,
Барбах сылаас түөскэр
Уҥуох-тирии илиигинэн
Көҥөнөн хам куустаҕыҥ.

Олоххо дьулуур күүстээҕин,
Өлөр өлүүнү кыайарын,
Сылба быстыбат туругун,
Эн итэҕэтэн тураҕын.

Эриирдээх кэмнэри,
Мускуурдаах түгэннэри
Чэҥ өйгүнэн салайтаран
Чараас күөҥҥүнэн тэлбитиҥ.

Хорсун үлэҥ күүһүнэн
Тыыл эрэйин эспитиҥ,
Сэрии бүтүөҕүттэн аны
Саҥалыы ыыры туппутуҥ.

Ийээ, эгэлгэ былааккын баанаҥҥын,
Сиэптэрдээх сибиитэрэҕин кэтэҥҥин,
Сирэйдиин-сэбэрэлиин сырдааҥҥын,
Биһигини тапталгынан угуттаабытыҥ…

Көрдөххө туох ураты баарай?
Суох, күннээҕи олох устан ааһара…
Ол эрээри ити эриэккэс көстүү
Элэҥниир харахпар ааспакка…

Табаххын тардан нусхатарыҥ,
Иһийэн-чуумпуран ыларыҥ…
Таһаарбыт буруоҥ сыта дьиктитэ,
Дьиэбит кутун уу-нуурал тутара.

Буруо устара былыт буолан,
Былыргыны-быйылгыны туойан,
Будулҕан-ытылҕан кэмнэрдиин
Биллибэт силбэһэр күүстээҕэ.

Мин ийэм буруолаппыт табаҕа
Минньигэстик илгийэр сыттааҕа,
Мин ол дыргыл буруо тыынын
Муоһалаан ылыахпын саныыбын…

Хантан хатылыаҥый ол уратыны,
Хаһан эрэ ааһан хаалбыты,
Халлааҥҥа халыйбыт былыттар
Хаппахтыы ыраахха саппыттар.

Ол эрээри син биир мэйиибэр
Оннук үйэм тухары хатаммыт.
Ол сыт — мин дьиэм куттаах уйата,
Оҕо сааһым дьэҥкир ахтылҕана.

Сүрэхпэр тиийэ имэрийэрдии,
Сылаас буруо тыына сылытар.
Минньигэс иэйии буолан иһийэр
Миигин бырахпат аргыһым.

Сааһыран истэҕим аайы
Сатала суох баҕам батарбат,
Саатар биирдэ чугаһаан
Сылаас буруоҕун эҕирийиэхпин,

Сырдык былааккын имэрийиэхпин
Сүрдүүн-куттуун эрэйэрдии
Сүрэҕим мөҕүл тэбэн ахтар,
Санаам тоҕо эрэ онно тиэрдэр…

Хайдах эрэ суохтуурга дылыбын,
Хаҕыс күн күүтэр курдукпун.
Ийэм барахсан итии чэйэ
Иһиэхпин, эчи, минньигэһэ…

Астаабыт аһа куруук,
Аччыгый-кыра да буоллар,
Тилигирии сүүрэр оҕоҕо
Тотоойу буолар уратылааҕа.

Ийэм эттээх бэрэскитэ,
Итии сүмэлээх да этэ,
Сымнаҕас алаадьыта
Сырылыы устара арыыга.

Олус да минньигэһэ
Ол мин оҕо сааһым,
Ол иһин умнуллубат
Олус күүстээх ахтылҕан.

Оҕобун — ийэм кыратабын,
Олоххо баҕатын туоһута,
Ойуу-оһуор анньар ньымата,
Оҕоҕо дьолун түстүүр ырата.

Ачаалаппыта-атаахтаппыта,
Анаан таптал кыымын сахпыта,
Саппаҕырбат иэйии сүмэтин
Эмиийин үүтүнэн иҥэрбитэ
Ханна барыай, саспат, сүппэт,
Хааммар күннэтэ тыгыалыыр.

Үйэ тухары үрдүк ыраҕа талаһар
Үрүҥ тыыннаах куту иитиэхтээбит
Ийэм иэйбит күндү оҕотобун,
Ийээ, махтанабын төрөппүккэр.

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше