Саха хорсун уолаттара Алексей Неустроев уонна Филипп Евсеев “Алеша” танка экипаһын састаабыгар сулууспалыы сылдьан эрдээх санааларынан хорсун быһыыны көрдөрөн Арассыыйа Дьоруойун аатын ыллылар. Герой сулуһун кинилэргэ Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин туттарбытын бука бары күөх экранынан наһаа да долгуйа көрдүбүт. Өссө долгуйа ийэлэр көрдүлэр. “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын Амма улууһугар салаатын салайааччыта Оксана Архипова үөрүүлээх түгэни хайдах ылыммытын биһигини кытта үллэһиннэ.
“Бу уустук кэмҥэ Саха сириттэн анал байыаннай дьайыыга ыҥырыллан, бэйэлэрин баҕа да өртүлэринэн барбыт уолаттарбыт чиэһинэйдик, чиэстээхтик дойдуларын көмүскүү, ытык иэстэрин толоро сылдьалларыттан биһиги киэн туттабыт. Ол курдук саха уолаттара туохтан да куттаммакка, кимтэн да чаҕыйбакка ытык иэстэрин толоро сылдьаллар. “Алеша” танка экипаһа хайдах курдук соҕотоҕун өстөөхтөрүн барытын суох гынна. Бу мээнэттэн буолбатах. Бу барыта кинилэр бэйэлэрин бойобуой соруктарын сөптөөхтүк быһаарынан толороллорун көрдөрөр. Бэриллибит соругу толоруохпут диэн барбыттара уонна толордулар.
Ийэ буоларбытынан биһиги бу уолаттарынан наһаа киэн туттабыт уонна этэҥҥэ дойдуларыгар эргиллэллэригэр баҕарабыт. Уолаттарбыт барахсаттар дойдуларыгар этэҥҥэ төннөн кэллиннэр, дойдуларын тыына арчылыы сырыттын диэн алгыспын аныыбын. Хайа баҕарар ийэ сүрэҕэ оҕотугар чугас. Кинилэри эмиэ оннук ылынныбыт. Саха оҕолоро мындырдар, күүстээх санаалаахтар уонна иннилэрин диэкилэр. Анал байыаннай дьайыыга сылдьар бары байыастар биһиэхэ геройга тэҥнээхтэр”, — диэн этэр Оксана Ивановна.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат