Амма Наахара нэһилиэгэр улуустааҕы «Ситим» диэн аҕам саастаахтарга аналлаах лааҕыр ситиһиилээхтик үлэлиир. Быйыл икки сезон сынньатта. Сынньалаҥ кэмигэр элбэх араас тэрээһиннэр буолан аастылар. Онно аҕам саастаахтар көхтөөхтүк кытыннылар.
“Лааҕырга биир сэргэхсийиини аҕалбыт тэрээһининэн Амматтан «Үһүс көлүөнэ оскуолата» кэлэн ыалдьыттааһына буолла. Салайааччы Дьячковская Наталья Кононовна . Онтон Карамзин Данил Данилович хаамыскаҕа, хабылыкка маастар -кылаас ыытта. Малыкайцева Клара Романовна, Андреева Александра Васильевна лааҕыр аҕам саастаахтарыгар ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр. Баяҥҥа Амма Наахара нэһилиэгиттэн сцена бэтэрээнэ Захаров Константин Константинович доҕуһуоллаата уонна бэйэтэ эмиэ ырыатын бэлэх уунна. Маны сэргэ нэһилиэк далбардара “Үһүс көлүөнэ” оскуолатын иистэнньэҥнэригэр 2024 сылга улууска ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар анаан кыбытык олбох тигиллиэхтээҕэр маастар- кылаас ыыттылар, матырыйаалын биэрдилэр. Ити курдук икки өртүттэн уопут бэрсиһэн, бары сэргэхсийэн тарҕастылар. Лааҕыр кыттыылаахтара улаханнык сэргэхсийэн махтана хааллылар Бу айаҥҥа Данил Данилович бэйэтин массыынатынан илдьэ сылдьыбытыгар эмиэ улахан махтал”, — диэн Амма улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Захарова кэпсээтэ.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат