Улууспут саамай кытыы сытар Сулҕаччы уонна Сэргэ Бэс нэһилиэктэрэ киин сири кытта сибээстэрин хааччыйар муосталара эргэрэн, онтон сиэттэрэн саас буолла да сырыы сытыырхайарын, хааччахтарын туһунан үгүс элбэх отчуоттарга этэн-тыынан кэлбиттэрэ. Ол түмүктээх буолан, бу сааскыттан үрэҕи туоруур муоста тутуута саҕаланна. Улуус баһылыга Степан Кузьмин үлэ-хамнас хаамыытын миэстэтигэр билсэ, олохтоохтору кытта көрсөн кэллэ.
Баһылыгы кытта кинини тутууга солбуйааччы Виктор Смирников, бэдэрээччит “ИП Н.Н. Алексеев” тэрилтэ бэрэстэбиитэлэ Дмитрий Сутаков, тутууну ыытар “СӨ Управление автодорог” суол эксплуатацияҕа салаатын исписэлииһэ Прокопий Флегонтов сырыттылар. Тутуу ыытылла турар сиригэр оробуочай бөлөҕү нэһилиэк баһылыга Артем Степанов, солбуйааччыта Василий Неустроев уонна нэһилиэк дьокутааттара көрүстүлэр.
“Бу муоста олох турбута ыраатта. Инньэ гынан хаарбах туруктанан, техниканы да уйбат буолбута. Маннык хартыына сылын аайы хатыланар. Онон биһиги эрдэттэн суолга быстарыы тахсар кэмигэр саамай наадалаах бородууктанан, эминэн-томунан хааччыллыыны оҥоробут. Аны сотору кэминэн биир кэлим эксээмэн саҕаланыа. Онно биһигиттэн 11 оҕо Соморсуҥҥа баран туттарар. Онон оҕолорбутугар куттала суох туоратыыны хааччыйан эксээмэҥҥэ тиийэллэрин ситиһиэхтээхпит. Манна биһиги биир туруорсарбыт диэн муоста оҥоһуллуннаҕына даҕаны, өрүспүт уута тахсан муостаҕа кэлэр суолу барытын ылар. Онон ол суолу олох үрдэтэн, үрдүнэн саба охсубатын курдук оҥоһуллуон наада”, — диэн нэһилиэк баһылыга Артем Степанов санаатын тириэрдэр.
Олохтоохтор көрдөрбүттэринэн, муоста тутуллуннаҕына даҕаны, айан суолун уу ылар түгэнигэр, этэргэ диэри муосталарын таһынан оҥочонон устан ааһыахтарын сөп. Онон инникитин бу муоста үлэлиирин, олохтоохтор хааччаҕа суох сылдьалларын инниттэн айан суолун дамбата олох үрдэтиллэн кутуллуон наада. Оччотугар эрэ бу тутуу көдьүүстээх буолсу.
“Улууспут баһылыга Степан Николаевич көҕүлээһининэн “Бөтүҥ” өрөспүүбүлүкэ таһымнаах суолга Минири үрэҕи туоруур муоста тутуутун билистибит уонна олохтоохтору кытта көрсөн кинилэр ыйытыктарыгар хоруйдаатыбыт. Чахчы да Сулҕаччы уонна Сэргэ Бэс нэһилиэктэрин олохтоохторо саас аайы эрэйи көрөллөр. Ол кыһалҕаларын күүстээхтик туруорсаннар, үлэһэммит муостабыт тутуута саҕаланна. Контракт кулун тутар 25 күнүгэр баттаныллыбыта. Кылгас кэм иһигэр элбэх үлэ ыытыллыбыт. Ол курдук муоста матырыйааллара кэлбиттэр, сыбаайалар түспүттэр. Контракт быһыытынан бу үлэлэр барыта ыам ыйыни 31 күнүгэр диэри бүтүөхтээхтэр. Ол гынан баран сотору кэминэн өрүспүт эстэринэн, өрүс уута айан суолун ыларынан, манна кэккэ ыарахаттардаах. Ол боппуруостары тутууну ыытар уонна толорор бэдэрээччиттэри кытта өссө көрсөн кэпсэтиэхпит”, — диэн улуус баһылыгын тутууга солбуйааччы Виктор Смирников этэр.
Күн бүгүн манна тутуу үгэннээн бара турар. Муоста сыбаайалара түһэн, отсектарын хомуйан, билигин ригеллэрин иһэрдии үлэтэ бара турар эбит. Бэдэрээччит бэрэстэбиитэлэ Дмитрий Сутаков билиһиннэрбитинэн, муостаны улахан уу кэлиэр диэри түмүктүүр былааннаахтар. Ол гынан баран күн-дьыл биллэн туран үлэ хаамыытыгар бэйэтин көннөрүүлэрин киллэриэ турдаҕа. Онон үлэ чопчу барыта бу күҥҥэ түмүктэниэ диэн этэр кыах суох. Дмитрий Степанович эппитинэн, САРМ муоста уһуна 32 миэтэрэ 60 см. Суол таһымыттан 2 миэтэрэ 70 см үрдүк. Манна даҕатан эттэххэ, урукку мас муоста уһуна 17 миэтэрэ эбит. Онон саҥа муоста икки төгүл уһун. Тутууну ыытар тэрилтэ бэрэстиибэтэлэ эппитинэн, муоста ууну ыытар да кыамтата улаатар. Ити эрээри олохтоохтор Амма өрүс хаатыттан тахсан, сыллата суолларын киэҥ сиринэн тайаан ылар. Инньэ гынан муоста тутуллуннаҕына даҕаны, суол быстар, хаайтарыы баар буолар. Хомойуох иһин суолу үрдэтии да, билигин муоста суох кэмигэр сырыыны хааччыйар быстах суол да хантыраакка киирбэтэхтэр. Бэдэрээччит бэйэтин суотугар олохтоохторго сырыыны хааччыйан, турба быраҕан быстах туоруур суолу оҥоро сылдьар. Үрэх билигин күүскэ киллэрэ турар эбит. Онон кутуллубут суолу кыралаан суурайан иһэр. Ол да буоллар санааларын түһэрбэккэ бэдэрээччиттэр үлэлэрин тохтоппоттор. Билигин 7 киһи, техникаттан 3 КАМАЗ массыына, манипулятор, грейдер, бетон мэһийээччи үлэлии сылдьаллар. Өссө эксковатор, самосвал массыына айаннаан иһэр.
Улуус баһылыга Степан Кузьмин олохтоох дьокутааттарга быһаарбытынан, быйыл син биир урукку ньыманан курдук сырыы хааччыллыа. Саамай кылаабынайа муоста тутуута саҕаланна. Аны суол үрдэтээһинин боппуруоһугар үлэ барыа. Улуус өртүттэн биир кэлим эксээмэни туттарааччылар хайаатар да эксээмэннэригэр тиийэллэрэ хааччыллыа диэн эттэ. Билигин нэһилиэк дьаһалтата быстах кэмҥэ тахсар хаайтарыы кэмигэр нэһилиэнньэ олоҕун хааччыйыыга дьаһаллары ылаллара ирдэнэр.
“Амма олоҕо” хаһыат