Эмистээҕи Е.А. Захарова- Саха Күөрэгэйэ аатынан култуура киинигэр “Ийэ кыыһынаан” күрэх уонна нэһилиэк коллекционердарын быыстапката буолла. Икки сэргэх тэрээһин бэрт сэргэхтик ааста, коллекционердар түмсүүлэрэ тэрилиннэ.
Култуура киинэ уонна нэһилиэк дьахталларын түмсүүтэ көҕүлээн ыыппыт, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар анаммыт “Ийэ кыыһынаан” күрэх биэс түһүмэҕи нэн ыытылынна. Күрэххэ түөрт ийэ алын кылааска үөрэнэр кыргыттарын кытта кытыннылар. Ол курдук кинилэр оҕолор төрөппүттэрин кытта бэйэлэрин тустарынан сырдаттылар, кыргыттар күн күбэй ийэлэрин туһунан кэпсээтилэр, сарсыардааҥҥы аһылык түһүмэҕэр ас астаан көрдөрдүлэр, салгыы оҕолор бэйэлэрин дьоҕурдарын, туохха сатабыллаахтарын, иллэн кэмнээҕи дьарыктарын билиһиннэрдилэр, түмүккэ кэрэтик таҥнан тахсан муода көрдөрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ В.М. Новиков- Күннүк Уурастыырап аатынан орто оскуола үөрэх завуһа Алена Готовцева, Эмистээҕи модельнай бибилэтиэкэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ Мирославна Ноговицына, “Далбар хотун» ансаамбыл салайааччыта, өр сылларга култуураҕа үлэлээбит Наталья Константинова үлэлээтилэр. Кыттааччылар бары да олус талааннаахтарын, сатабыллаахтарын көрөөччүлэр сыаналаан ытыстарын тыаһын харыстаабатылар. Түмүккэ “Талба талаан” анал ааты Мавра Юриевна уанна кини эмдэй-сэмдэй кыргыттара Айыына, Сайыына Петровалар, “Бастыҥ асчыт” — Ульяна Фёдоровна, кыыһа Анеля Ларионовалар, “Кэрэ куолар” — Ирина Ивановна уонна Аюна Ноговицыналар, “Ил-эйэ” — Василиса Валерьевна уонна Наташа Неустроевалар ыллылар.
Маны сэргэ бу киэһэҕэ аан бастакытын коллекционердар быыстапкалара турда. Ол курдук Мотрена Владимирова былааттары, дьахтар кэтэр араас дьүһүннээх киэргэллэрин, Наталья Константинова араас розалаах иһит арааһын, Анатолий Михайлов атын дойдуттан тыастаах уустаах чуорааннары, Аграфена Николаева үрүҥ чаанньыктары, Ольга Михайлова сүүтүктэри мунньар, Эрчим Николаев оригинальнай уруучукалары, былыргы значоктары, вымпеллары аҕалан билиһиннэрдилэр. Кэлбит дьон быыстапканы сэргээн көрдүлэр. Түмүккэ нэһилиэккэ коллекционердар түмсүүлэрэ тэрилиннэ.
Эрчим НИКОЛАЕВ, Эмис орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ