Кулун тутар 18-19 күннэригэр Илин эҥээр улуустар эдэр учууталларыгар аналлаах идэ таһымын үрдэтэр, учуутал сыралаах үлэтигэр бэриниини, тапталы угуйар күөн-күрэс буолан ааста. Амма улууһуттан бастакы сүүмэрдиир түһүмэҕи ааһан икки учуутал кыттан кэллилэр. Ол курдук, “Эдэр учуутал-2023” күрэх улуустааҕы түһүмэҕин муҥутуур кыайыылааҕа, Бөтүҥ орто оскуолатын историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала Никифоров Егор Трофимович уонна Сатаҕай орто оскуолатын физикаҕа уонна информатикаҕа учуутала Давыдов Ньургун Павлович Аммаларын аатын чиэстээхтик көмүскээн кэллилэр.
Бастакы күн Дьоһуннаах кэпсэтии, аһаҕас уруок, оттон иккис күҥҥэ «Маастар кылаас» уонна «Тылы учууталга» диэн түһүмэхтэр буоллулар. Маастар кылааска учууталлар бэйэлэрин үлэлэригэр туттар, уратылаах, аныгылыы, билиҥҥи кэм үөрэнээччитигэр сөп түбэһэр, бастыҥтан бастыҥ ньымаларын билиһиннэрдилэр. Бииртэн биир ураты, интэриэһинэй, оҕо билиини ыларыгар болҕомтону хайдах тардан үөрэтэр уратыларын үллэһиннилэр. Чахчы даҕаны, маннык аныгылыы көрүүлээх, киэҥ билиилээх, бэйэлэрин санааларын, толкуйдарын сайа этэр, киһиэхэ тириэрдэр учууталлар баар буоллахтарына инникибит кэскилэ киэҥ эбит диэн санааҕа кэлэҕин. Бүтэһик, «Тылы учууталга» түһүмэххэ эдэр учууталлар бэйэлэрин көрүүлэрин эттилэр, сүбэ-ама ыллылар, саҥа санаалар сонун идеялар этилиннилэр.
Икки күннээх эрийсиилээх күрэх түмүгүнэн хас биирдии хайысхаҕа кыайыылаахтар быһаарылыннылар. Ол курдук: “Шаг в профессию” анал аат кыайыылааҕынан Уус Алдан улууһуттан биология учуутала Никифоров Алексей Афанасьевич, “За историческое просвещение” анал аат кыайыылааҕынан Чурапчы улууһун Д.Д.Красильников аатынан Мугудай орто оскуолатын историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала Санников Юрий Андрианович, “Учитель обеспечивающий успех ученика” анал аат хаһаайынынан А.Е. Мординов аатынан Таатта лицейин историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала Миронов Артур Евгеньевич, “За вклад в формирование практических навыков учащихся” анал аат хаһаайынынан В.В.Алексеев аатынан Мүрү уоланнар гимназияларын технологияҕа учуутала Тарабукин Иннокентий Константинович буоллулар.
7 кыайыылаах финалист аатын сүктүлэр — Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.М. Романов аатынан Төхтүр орто оскуолатын алын кылаас учуутала Аргунова Юлия Захаровна, Таатта улууһун А.Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэйин история уонна обществознание учуутала Миронов Артур Евгеньевич, Чурапчы улууһун Д.Д.Красильников аатынан орто оскуолата история уонна общество учуутала Санников Юрий Андрианович, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын математикаҕа учуутала Дьячковская Любовь Михайловна, Уус Алдан улууһун В.В. Алексеев аатынан Мүрү уоланнар гимназияларын технология учуутала Тарабукин Иннокентий Константинович, Уус Алдан улууһун М.Н.Готовцев аатынан Танда орто оскуолатын биологияҕа учуутала Никифоров Алексей Афанасьевич.
Оттон муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын Амма улууһун Н.Е.Иванов аатынан агро хайысхалаах Бөтүҥ орто оскуолатын история уонна обществознание учуутала Никифоров Егор Трофимович сүктэ. Итиэннэ, инникитин Илин эҥэр улуустар ааттарыттан “Сыл бастыҥ учуутала” күрэххэ кыттар чиэскэ тигистэ.
Егор Трофимович Бөтүҥ орто оскуолатыгар иккис сылын үлэлиир. 23 үөрэнээччилээх 5-с кылаастарга кылаас салайаччыта, «Эдэр этнограф» диэн куруһуогу ыытар.
Куонкуруска кыттыы, кыайыы, биллэн турар, чиэс-бочуот, атын үрдүк таһымҥа тахсыы, саҥа үрдүк чыпчаалларга үктэл!
Мария Иванова.