Илин эҥэр урбаанньыттара түмүстүлэр

Сайыҥҥы чаҕылхай күннэргэ, бэл ардаан да турдун араас тэрээһиннэр тохтооботтор. Дьон-сэргэ Амма кэрэ айылҕатыгар, ыраас өрүһүгэр сөтүөлүү суол да куһаҕанын аахсыбакка кэлэ тураллар. Ол курдук өрөспүүбүлүкэ бухгалтердара сүлүөттээн барбыт эбит буоллахтарына, аны  илин эҥэр урбаанньыттара Эргиэн үлэһиттэрин күнүгэр сөп түбэһиннэрэн туристическай икки күннээх сүлүөт  тэрийдилэр. Урбаанньыттар күрэхтэһэн, дуоһуйа кэпсэтэн астынан тарҕастылар.

Бу тэрээһиммитин Амма улууһун өртүттэн Альбина Александровна уонна Григорий Григорьевич Аммосовтар дьиэ кэргэн иилээн-саҕалаан тэрийэн, биһиги кинилэргэ күүс-көмө буоллубут. Ол курдук илин эҥэр урбаанньыттара бэйэлэрэ туспа бөлөхтөөхтөр. Билигин кинилэргэ өссө киин улуустар, Ньурбаттан кытта киирбиттэр. Бөлөҕү “ЭкоДом” тутуу тэрилтэтин салайааччыта Николай Аржаков иилиир. Саҥа дьылы бииргэ көрсөллөр эбит. Аны сайын үтүөтүн билиэҕин диэннэр, быйыл бу Аммаҕа кэллилэр. Онон тэрээһинин Аммосовтар ылынан, 30-тан тахса ыалдьыт кэлэн барда. Кэлбиттэрин кэннэ Амма урбаанньыттарын маҕаһыыннарыгар сырытыннаран, үлэлэрин хамнастарын билиһиннэрдибит, онтон салгыы СЮТ турбазатыгар тэрээһин буолбута. Кэлбит дьон бары наһаа астынан, махтанан, аммалар бэркэ тэринэн үлэлии олорор эбиккит диэн бардылар”, — диэн СӨ  “Мин биисинэһим” Амматааҕы салаатын салайааччыта Владимир Колосов иһитиннэрэр.

Илин эҥэр сатабыллаахтара икки күн устата бэйэ бэйэлэрин кытта ирэ-хоро кэпсэтэн, ыкса билсэн, сорох сорохтор урут төлөпүөнүнэн эрэ билсэр буоллахтарына, дьэ көрсөн, баар кыһалҕаларын ырытыһан, дьэ бэркэ дуоһуйан тарҕастылар. Маныаха айылҕа барахсан туран биэрэн, ыалдьыттар сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.

Биир идэлээхтэр мустаннар наһаа үчүгэйдик көрсүһэн аастыбыт. Маннык тэрээһиннэр олус туһалаахтар. Бары биир кыһалҕалаах, биир интэриэстээх дьон буоллахпыт дии. Ыалдьыттарбытын Амма устун күүлэйдиттибит. Спортивнай тэрээһиннэргэ киллэрбит арт-эбийиэктэрбитигэр сырытыннаран, хаартыскаҕа түһэн, бэркэ сэргээн бардылар. Бу кэлэ сылдьан 82 саастаах Пестерева Ксения Софроновнабытын көрөн олус сөхтүлэр, “олох күүспүтүгэр күүс эбилиннэ” дииллэр. Чахчыта да маннык ытык саастаах киһи күн бүгүнүгэр диэри эргиэҥҥэ үлэлии сылдьара суох буолуо ханна да. Онон олох үтүө холобур буолар.

 

Ксения Софроновна Пестерева (ортоку) салайар маҕаһыынын аттыгар

Маҕаһыыннарбытын көрөн хайҕаан, астынан бардылар. Бу сүлүөтү бары бииргэ түмсэн тэрийэммит кыайыылаах буолла диэн этиэххэ наада. Ол курдук “Мин биисинэһим” киин салайааччыта Владимир Владимирович Колосов, “Бизнес инкубатор” саҥа эдэр салайааччыта Николай Афанасьевич Афанасьев күүс-көмө буоллулар. Маны сэргэ урбаанньыт  Александр Васильев ыалдьыттарбытын минньигэс плов астаан көрсөн, күөс өрөн олус махталлаах этэ. Онон ханна да хаһан да биир түмсүүлээх буоларбыт олус үчүгэй”, — диэн тэрийээччи Григорий Аммосов санаатын үллэстэр.

Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше