Ильмень күөл үрдүк биэрэгиттэн фашист артиллерията, миномета тохтоло суох кыдыйара, халлаантан буомба быыстала суох эстэрэ. Биһиги таайбыт Михаил Дмитриевич Павлов 1943 сыл олунньу 22 күнүгэр 12-с гвардейскай стрелковай корпус 19-с хайыһар биригээдэтигэр Старай Русса куораты босхолуур кыргыһыыга сырдык тыына быстыбыта…
Нууччалыы үчүгэйдик билэр буолан рота хамандыыра эбит. Таайбыт күөлү туораан улаханнык бааһыран сыттаҕына, Амматтан биир дойдулааҕа Михаил Семенович Никитин көрөн санчааска биллэрбит.
Биһиги эбэбит Мотрена Егоровна Павлова (Бурнашева) тастыҥ быраата Михаил Дмитриевич Павлов 1918 сыллаахха Омоллоон (Болугур) нэһилиэгэр төрөөбүт. Сэттэ кылааһы бүтэрэн баран Амма Наахара оскуолатыгар математика учууталынан үлэлээбит. Алгебра, физика, геометрия уруоктарын үөрэппит. 1983 сыл балаҕан ыйын 20 күнүнээҕи «Коммунизм тутуутугар» хаһыакка Н. Тимофеев «Күндүтүк саныыр учууталларым» ыстатыйатыгар бу курдук суруйбут:
«Үөрэтэр предметтэрин кыһанан туран өйдөнөр гына лоп-бааччы быһаарара. Өссө опыт быһыытынан алгебраны нууччалыы үөрэппитэ. Кини учуутал быһыытынан уратытынан куруутун оҕолор ортолоругар сылдьара. Кинилэри итэҕэйэрэ, ырыаҕа, үҥкүүгэ үөрэтэрэ, маассабай илии-атах оонньууларын тэрийэрэ, онно бэйэтинэн кыттара. <…> Билигин санаатахха, түүн эрэ утуйар уонна эргиччи сылдьар быһыылааҕа. Ол иһин буолуо оҕо аймах олус ытыктыыра. Оройуон үчүгэй учууталын быһыытынан1938 сыллаахха сайыҥҥы каникулга Москваҕа экскурсияҕа баран кэлбитэ. <…> Сэрии иннигэр үөрэх оройуоннааҕы салаатыгар өрө таһаарыллан үлэлээбитэ, онно сэбиэдиссэйдии олорон Ийэ дойдутун немецкэй-фашистартан көмүскүү ытык сэриигэ барбыта уонна кыргыс хонуутугар охтубута. Үрдүк үөрэхтэнэн ыччаты салгыы үөрэтэр сырдык ырата туолбатаҕа».
Ол ынырыктаах кыргыһыыга Ильмень киллэм мууһун анныгар үгүс саха саллаатын эдэр сүрэҕэ тохтообута… 1943 сыл олунньу 23 күнүгэр былаҕайга былдьаммыт буойуттар кэриэстэригэр Ильмень күөл кытылыгар өйдөбүнньүк пааматынньык туруорбуттара.
Вера ИВАНОВА.