Ион Кононов: “Ох сааҕа дьон интэриэһэ улааппыт”

Соморсун нэһилиэгэр улуустааҕы нэһилиэктэр икки ардыларыгар үгэс буолбут ох саанан ытыыга комплекснай спартакиада буолан ааста. Манна 14 нэһилиэктэн сэттэ нэһилиэк кэлэн кыттыыны ылан, бастыҥы быһаарсан, бэйэлэригэр наадалаах очколары суруннулар. Төһө да тыаллаах, силбиктээх күн турдар, хамаандалар тулуурдаахтык кииристилэр.


“Быйылгыттан саҕалаан  нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар копмлекснай спартакиада спортивнай көрүҥэр үгэс буолбут аан бастакытын ох саанан ытыы киирдэ. Биллэрин курдук спорт бу көрүҥэ биһиги улууспутугар саҥа сайдан эрэр.  Федерация баар э этэ гынан баран, былырыыҥҥыттан бу үгэс буолбут ох саанан ытыыга  оҕолорго уонна саастаах дьоҥҥо диэн ылсан үлэлии сылдьабыт. Билигин кыралаан үгэс буолбуту сэргэ классикаҕа уонна блок көрүҥнэригэр эмиэ үлэлэһэбит.  Бу буолан ааспыт спартакиадаҕа ох саа хайа баҕарар саастаах дьону интэриэһиргэтэр эбит диэн көрдүм. Дьарыктанааччы элбээбит. Нэһилиэктэр бары ох саа ылынан сүрдээҕин туруммуттар. Спартакиадаҕа балаһыанньа быһыытынан хас биирдии нэһилиэктэн 18-44 саастарыгар диэри эр дьоҥҥо икки киһи, дьахталларга биир уонна 45 сааһыттан үөһээ бэтэрээн диэн хамаанда туруоран күрэхтэстилэр.

Түмүккэ саамай үчүгэй көрдөрүүлэрэ ааҕыллан кыайыылаах нэһилиэк хамаандата быһаарыллар. Манна бастакы миэстэ Соморсун, иккис Алтан уонна үһүс миэстэ Амма нэһилиэгин хамаандалара буолан ,  уопсай түмүк тахсыытыгар бэйэлэригэр  наадалаах очколары хомуйдулар. Маны сэргэ эр дьоҥҥо уонна дьахталларга муҥутуур кыайыылааҕы быһаарыыга күрэх ыыттыбыт.  Манна “Соморсун” ТХПК биһиги көрдөһүүбүтүн ылынан быйылгы төрүөх ньирэйдэри бириис быһыытынан туруорбута. Онно Амма нэһилиэгин хамаандатын бэрэстэбиитэллэрэ Егор Бубякин уонна Василина Федорова кыайыылаахтарынан таҕыстылар.

 

Биһиги маннык күрэхтэһиилэри өссө тэрийэн, эһиил Таатта улууһугар ыытыллар Манчаары оонньууларыгар кыттыыга сүүмэрдээһини ыытабыт. Биһиги улууспут биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, ох сааны улууска көҕүлээччи Егор Баранов бэҕэһээ Арассыыйа хамаандатын састаабыгар киирэн  Казахстаҥҥа “Игры кочевников” диэн  аан дойдутааҕы ох саанан ытыы күрэҕэр көттө. Онон бу көрүҥ кэҥээн иһэр. Улууспутугар эмиэ сайыннарар сыаллаах Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатыгар анал тренер штатын көрдүбүт. Улууспут салалтата, баһылык Степан Николаевич Кузьмин өйөөһүнүнэн оҕолор дьарыктаналларыгар анал инвентардар ылылыннылар. Онон инникитин бу көрүҥҥэ ыытыллар күрэхтэһиилэргэ хамаанда туруоран улуус аатын ааттатыыга үлэлэһэбит. Федерация аатыттан хамаандаларын аҕалан кытыннарбыт нэһилиэк баһылыктарыгар махталбытын тириэрдэбит”, — диэн улуустааҕы ох саанан ытыыга Федерациятын бэрэссэдээтэлэ Ион Кононов сырдатта.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше