Ирина Кондакова «Муоста тутуллуута – бары өр күүппүт баҕа санаабыт”

Дойду Бэрэсидьиэнэ Уһук Илин куораттарын сайыннарыы туһунан буолбут сүбэ мунньахха биир ураты болҕомтотун Өлүөнэ, Алдан өрүс муосталарын тутуутугар уурда. Кини муоста тутуута кэмэ кэлбитин, уһаан-кэҥээн барыы табыллыбатын эттэ. Бу сонуну илин эҥэр олохтоохторо, ол иһигэр аммалар бэркэ сэҥээрэ иһиттилэр.

“Мин Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Өлүөнэ муостата тутуутун туһунан болҕомтоҕо ылан эппитин ааҕан олус астынным. Ол аата муостабыт тутуллар буоллаҕа. Бу биллэн туран улахан үбү –харчыны эрэйэр. Арассыыйа,  өрөспүүбүлүкэбит салалтата улахан суолталаах эбийиэги бэбиэскэттэн түһэрбэккэ болҕомтоҕо ыла сылдьалларыттан үөрэбин уонна күүтүүлээх, айан-суол сырыытын чэпчэтэр муоста тутуллан ыйыллыбыт болдьоҕор үлэҕэ киириэ диэн эрэнэбин”, — диэн Амма нэһилиэгин олохтооҕо, ГИБДД бэтэрээнэ, отставкаҕа олорор полиция майора Ирина Кондакова санаатын үллэһиннэ.

 

 “Амма олоҕо” хаһыат.

Читайте дальше