Сулҕаччы нэһилиэгин бастыҥ үлэлээх тэрилтэлэрин салайан олорор кэрэ аҥардары билиһиннэриэхпин баҕарабын. Билиҥҥи үйэҕэ элбэх киһи үлэлиир коллективын салайар, үлэҕэ көҕүлүүр чэпчэкитэ суох. Салайааччы үлэтэ элбэх билиини-көрүүнү, сатабылы, кэлиини-барыыны эрэйэр. Буолар уларыйыыларга сөп түбэһэн, саҥаны киллэрэргэ бэлэм сылдьар дьон кинилэр буолаллар. Ону таһынан кинилэр бары ыал ийэлэрэ.
Нэһилиэкпит эргийэр киининэн Х.Максимов аатынан культура уонна сынньалаҥ киинэ буолар. Манна 1998 сылтан, ол аата номнуо 26 сыл устата Саха республикатын культуратын туйгуна, Жанна Григорьевна Максимова үлэлиир. Жанна Григорьевна салайар коллектива нэһилиэккэ культурнай-общественнай үлэни барытын бэйэтин тула түмэр, иилиир-саҕалыыр.
Үлэлиир тэрилтэтэ үгүс улуустааҕы, республикатааҕы күрэхтэр, граннар кыттыылаахтара уонна кыайыылаахтара. 2002 сылтан саҕалаан саха народнай артыыһа Христофор Трофимович Максимов аатын үйэттитэр ырыа-дэгэрэҥ туоната Сулҕаччыга ситимнээхтик ыытылларын ситистэ.
Директор эппиэттээх үлэтин таһынан “Иис кистэлэҥэ” куруһуогу тэрийэн үлэлэтэр. Анал хореограф идэлээх буолбатаҕын үрдүнэн бэйэтин тула үҥкүүлүүр баҕалаах ийэлэри, эбэлэри түмэн “Күөгэйэ”, “Күбэйэ” үҥкүү коллективтарын үөрэтэр, салайар. Хаһыс да ыҥырыыга Сулҕаччы нэһилиэгин сэбиэтин депутатынан талыллан үлэлиир. СӨ депутаттарын II-c съеһин делегата, “Культура” национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар “Культура тэрилтэтин бастыҥ үлэһитэ” күрэх 2022 с. кыайыылааҕа. Жанна Григорьевна 4 оҕолоох Максимовтар ыал тапталлаах ийэлэрэ. Икки улахан оҕолоро студеннар. Кыралар оскуолаҕа үөрэнэллэр. Уоллара Николай Максимов биллэр биатлонист, биатлоҥҥа Россия спордун маастара.
Нэһилиэкпит инники кэскиллэрэ иитиллэн тахсар сирдэрэ – “Чычып-Чаап” оҕо уһуйаана. Эмиэ биир улахан коллективы 2014 сылтан эдэрдии эрчимнээх Алена Егоровна Ефремова салайар. Сулҕаччытааҕы “Чычып-чаап” уһуйаан быйыл ахсынньы ыйга тэриллибитэ 80 сылын бэлиэтээбитэ. Уһуйаан иитээччилэрэ оҕону кэрэ эйгэҕэ сыһыарыы, тыл сайдыытыгар үөрэтии, сахалыы иитэр ньыма-алтыһыы уонна кэрэ эйгэни тэрийии сыалын ситиһэр элбэх үлэни ыыталлар. Саҥаттан саҥа ньымалары киллэрэллэр. Манна уһуйаан оҕону иитиигэ киллэрэр түөрт араас саҥа хайысхаларыгар чопчу анаммыт “Айыллык” оҕо бары өттүнэн сайдар ыллык-хоһо быйылгыттан үлэлиир. Үлэҕэ ситиһиилэрин иһин Алена Егоровна элбэх “Бочуотунай грамоталарынан”, “Махтал суруктарынан” уонна “Амма улууһун сайдыытыгар киллэрбит кылаатын” иһин анал бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Алена Егоровна салайар уһуйаанын коллектива үлэҕэ, үөрэххэ өрүү инники сылдьар, көхтөөх, түмсүүлээх. Биһиги нэһилиэкпитигэр ыытыллар араас улуус, республика таһымнаах тэрээһиннэргэ нэһилиэк, улуус дьаһалталарыгар мэлдьи көмө-өйөбүл буолар төһүү күүс дьон. Сулҕаччы нэһилиэгин мааны кийииттэриттэн биирдэстэрэ Алена Хаҥалас улууһуттан төрүттээх. Ефремовтар 4 оҕолоох ыал мааны ийэлэрэ, 5 оҕо тапталлаах эбээлэрэ.
Кыыс Амма кытылын кэрэ көстүүлээх бөһүөлэгэ Сэргэ-Бэс. Манна биир саамай тутаах тэрилтэ, эбэтэр бүһүөлэк эргийэр киининэн оскуола буолар. Максим Николаевич Сибиряков аатынан оскуолаҕа директорынан 2021 сылтан Екатерина Алексеевна Христофорова үлэлиир. Кини иннинэ өр кэмҥэ СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Мария Эдуардовна Борохина ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Екатерина Алексеевна идэтинэн начальнай кылаас учуутала. Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн 2001 с. Сэргэ-Бэскэ үлэҕэ ананан кэлбитэ.
Директор түбүктээх үлэтигэр ананыар диэри 20 сыл кырачааннары билии аартыгар сирдээбитэ. Төһө да түбүктээх, эппиэттээх үлэҕэ сырыттар, 44 киһи үлэлиир улахан коллективы салайарын таһынан Екатерина Алексеевна нэһилиэккэ, улууска биир биллэр общественник, уопсай үлэттэн хаһан да туора турбат. 2012-2016 сылларга Сулҕаччы нэһилиэгин сэбиэтин депутата, 2015-2020 сылларга Сэргэ-Бэс бүһүөлэгин дьахталлар түмсүүлэрин салайааччыта. 2016 сылтан “Россия ийэлэрэ” общественнай хамсааһын куратора. 4 оҕолоох Христофоровтар ыал тапталлаах ийэлэрэ.
Евдокия Валерьевна Халгаева талах курдаах Тааттаттан төрүттээх. 2012 сыллаахха Максим Аммосов аатынан Саха государственнай университетын иһинэн медицинскэй институту үөрэнэн бүтэрбитэ. Идэтэ врач-терапевт. Үөрэҕин бүтэрээт, медицинскэй Кииҥҥэ неврологическай отделениеҕа үлэлээбитэ. Салгыы 2015 сыллаахха “Земский доктор” диэн программанан биэс сылга дуогабардаһан Аммаҕа, Сулҕаччыга участковай терапевынан үлэҕэ ананан кэлбитэ. Онтон ыла биһиги дойдубутун сөбүлээн, олохсуйан үлэлээбитэ 9-с сылыгар барда. Кини үлэҕэ эппиэттээх, билиилээх, ыарыһахтарга, ол иһигэр кырдьаҕастарга кыһамньылаах сыһыаннаах.
Кырдьык даҕаны, күһүн-саас суола-ииһэ суох буолан хаалар түгэннэрдээх, ыраах сытар нэһилиэги абырыырга ананан кэллэҕэ. 2019 сыллаахха Сулҕаччыга саҥа балыыһа дьиэтэ тутуллубута. Егор Иннокентьевич Ефимов – Биэссэр Гуоса аатын сүгэр врачебнай амбулаторияҕа түөрт киһилээх дьоҕус коллектив үлэлиир. Евдокия Валерьевна дьон доруобуйатын туһугар кыһамньылаах үлэтин билиниитинэн буолаллар “Махтал суруктар”, “Бочуотунай грамоталар”. Евдокия Валерьевна 2 оҕолоох эдэр ыал ийэтэ.
Ити курдук биһиги нэһилиэккэ кэрэ кийиит буолан кэлбит кыргыттар элбэх оҕолоох саха ыалын далбардара уонна түбүктээх үлэлээх, тэрилтэ эппиэттээх салайааччылара буолаллар.
Елена Попова.