Иван Иванов: “Афанасий Кузьмин Амматын кэрэтик хоһуйан ырыа гынан тарҕаппыта”

Улуус култуураҕа уонна норуот айымньытын управлениетын көҕүлээһинэн талааннаах мелодист, Амма туһунан элбэх истиҥ иэйиилээх ырыалары айан дьонугар-сэргэтигэр хаалларбыт, СӨ култууратын туйгуна. СӨ мелодистарын сойууһун чилиэнэ Афанасий Кузьмин- Сиэн Айылы төрөөбүтэ 65 сылыгар анаан аһаҕас ырыа күрэҕэ буолаары турар. Бу туһунан билсээри управление салайааччыта Иван Иванову кытта көрүстүбүт.


«Биһиги култуурабыт салалтата үгэс быһыытынан улууспут култууратын сайдыытыгар бэлиэ суоллары хаалларбыт дьоммутун, үтүөлээх деятеллэрбитин хайаатар да үйэтитэр, кинилэр ааттарын умнубат, кэлэр кэнчээри ыччакка хаалларар гына үлэни тэрийэбит. Быйыл  Амматын кэрэтин хоһуйбут, ону наһаа үчүгэйдик дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдибит, дойдубут туһунан сүрэхпитигэр киирэр ырыалардаах Афанасий Афанасьевич Кузьмин төрөөбүтэ 65 сыла. Бу бэлиэ дата чэрчитинэн биһиги сэтинньи 29 күнүгэр аһаҕас ырыа күрэҕин тэрийээри сылдьабыт. Ол курдук ансаамбылынан, биирдиилээн толорооччунан улахан дьоҥҥо уонна 17 -гэр диэри саастаах оҕолорго диэн арааран Афанасий Кузьмин ырыаларынан күрэх буолуо. Балаһыанньаны чугастыы сытар улуустарбытыгар, бэйэбит нэһилиэктэрбитигэр барыларыгар тарҕатан олоробут. Кыайыылаахтар култуура салалтата, аймахтара, биир дойдулаахтара болугурдар, биир идэлээхтэрэ, бииргэ үөрэммит доҕотторо туруорбут бэртээхэй бириистэринэн наҕараадаланыахтара. Күн устата күрэх кыттыылаахтарын дьүүллүүр сүбэ истиэҕэ, дьэ уонна киэһэ кыайыылаахтар уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар кыттыылаах гала кэнсиэр, истиҥ иһирэх ахтыы киэһэтэ тэриллиэ. Күн бүгүн бэйээбит нэһилиэктэрбититтэн ансамбыллар да, биирдиилээн да толорооччуларга кыттабыт диэн сайаапка киирэн, бигэргэтиллэн турар. Гала кэнсиэр 500 солк. Манна кыайыылаахтартан ураты Афанасий Кузьмин ырыатын толорооччулар, ол курдук биир дойдулаахтарбыт Дьокуускайтан Серафим, Екатерина Захарова уонна да атын бастыҥ ырыаһыттар кыттыахтара.

 

 

Билэргит курдук Афанасий Кузьмин кэнчээри ыччаты кытта күүскэ үлэлээн, кинилэри ырыа кэрэ алыбар уһуйбута. Онон бу аһаҕас күрэхпитигэр оҕолору эмиэ киллэрдибит. Кинилэр Афанасий Кузьмин курдук талааннаах ырыа айааччылар Аммаҕа төрөөн, олорон ааспыттарын, ону сэргэ кини айымньыларын кытта ыкса билсиэхтэрэ турдаҕа. Мин кинини кытта ыкса сибээстээх буолабын. Ол курдук тапталлаах кэргэнэ Светлана Семеновна мин хаан- уруу эдьиийим буолар. Онон биһиги Ивановтар аймахха Афанасий Афанасьевич күтүөт. Ол быһыытынан Аммаҕа үөрэнэр сылларбар, Оҕо искусствотын оскуолатыгар үөрэнэр түөрт сылбар эдьиийим аахха олорбутум. Онон олох ыкса билсэбин. Онно киниэхэ элбэх ырыаһыт сылдьара, ырыа суруйтараллара. Холобура Ольга Петровна, Гелярий Владимирович Сидоркевич кэлэн баянныыллара, үлэлииллэрэ. Өссө табаарыстара кэлэллэрэ. Исай Брызгалов элбэхтэ сылдьара. Серафим кэлэн эмиэ ырыа суруйаллара, дьарыктаналлара. Кини кэнсиэригэр кэлэн ыллыаҕа.  Кини миигин эмиэ ырыаҕа уһуйбута, музыка оҥорбута. Бу тэриллэр кэнсиэргэ бэйэм эмиэ хайаатар да ырыаһыт буолан кыттан, киниэхэ махталбын биллэрэбин. Талааннаах мелодист, учуутал, уһуйааччы Афанасий Кузьмин сырдык аатыгар тэриллэр улахан кэнсиэргэ бар дьоммутун ыҥырабыт. Кэлэн дуоһуйа сынньаныҥ, ылбаҕай ырыалары истэн сүрэххитин сылаанньытыҥ. Аммабыт биир киэн туттар, өрө көтөҕүллэн ааттыыр киһибит айан хаалларбыт ырыаларын кэнсиэригэр кэлиҥ диэн ыҥырабыт”, — диэн Иван Федорович санаатын тириэртэ.

 

Онон бука бары сэтинньи 29 күнүгэр Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр тэриллэн кэнсиэргэ көхтөөхтүк кэлиҥ, сылдьыҥ!

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше