Иванна Шестакова “Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарын ыытарга бэлэммит”

Амма нэһилиэгин 46 №-дээх быыбардыыр учаастага саамай элбэх быыбардааччылаах учаастак буолар. Манна бэрэссэдээтэлинэн О.П. Иванова -Сидоркевич аатынан оҕо сайдар киинин дириэктэрэ Иванна  Шестакова үлэлиир. Бүгүҥҥү туругунан учаастак быыбары ыытарга төһө бэлэмий?


“Биһиги учаастакпытыгар уопсайа 11 чилиэннээхпит. Үлэбитин олунньу ыйтан саҕалаабыппыт. Быыбары сөптөөхтүк ыытарга учаастак бэлэм, чилиэннэр бары бааллар. Улуус үрдүнэн саамай элбэх быыбардааччылаах буолабыт. Ол курдук испииһэккэ 2052 быыбардааччы киирэн турар. Мантан биллэн туран сорохторо Аммаҕа олорботтор. Онон билигин чуолкайдааһын үлэтэ бара турар. “Информ УИК” бырагыраамаҕа кыттан сүүс бырыһыан бары быыбардааччыларбытын хабан, өйдөтүү үлэтин ыыппыппыт. Ол курдук дьиэлэргэ сылдьан, дьону кытта кэпсэтэн ким баар буоларын, олорорун-олорботун быһаарсан, хайдах кэлэн быыбардыахха сөбүн кэпсээн өйдүтүү үлэтин ыыппыппыт.

 

Бары быыбар туһунан билэллэр, куоластыы кэлэргэ бэлэмнэр. Кулун тутар 11 күнүн сарсыардааҥҥы туругунан атын сиргэ быыбардыылларынан 6 киһи сайабылыанньа суруйбута. Бүгүн өссө күнүс 2 чааска диэри сайабылыанньалары ылабыт. Быыбар күннэригэр хаһан да буоларын курдук кыайан кэлбэт  кырдьаҕастар, оҕолорун көрөн олорор ийэлэр, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон эрдэттэн  кулун тутар 17 күнүгэр  күнүс 2 чааска диэри   4- 12-47 төлөпүөнүнэн эрийэн дьиэҕэ куоластыырга сайаапка оҥоруоххутун сөп. Түөрт быыбар чилиэннэрэ иккилии буолан сайаапкаларынан сылдьыахтара. Ааспыт быыбардарга оннук 100-чэкэ сайаапка киирэччи”, — диэн Иванна Ивановна билиһиннэрдэ.

Убаастабыллаах быыбардааччылар, бүгүҥҥү күнүнэн күнүс 2 чааска диэри атын сиргэ быыбардыыр буоллаххына, сайабылыанньа өссө да ылаллар. Арассыыйа гражданина буолар ытык эбээһинэскин умнубакка, дойдубут ураты суолталаах быыбарыгар ханна да буолларгын хайаатар да кыттаргар ыҥырабыт.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше