“Көмө баар буоллаҕына кыайыылар кэлиэхтэрэ”

Хатас нэһилиэгэр сүһүөхтэригэр хааччахтаах дьон ортотугар олорон эрэ волейболга өрөспүүбүлүкэ чемпионата буолан ааста. Амма улууһун эр дьонун  хамаандата чемпионат үрдүкү пъедесталыгар тахсан биир дойдулаахтарын үөртүлэр.


“Күрэхтэһии кыргыттарга уонна эр дьоннорго диэн хамаанданан арахсан ыытылынна. Хатас саҥа аһыллыбыт 7 нүөмэрдээх И.И. Захаров аатынан спортивнай комплекс киэҥ, сырдык уораҕайыгар буолла.

 

Кыргыттарга 9 хамаанда, эр дьоҥҥо 10 хамаанда кииристилэр. Иккилии бөлөххө арахсан оонньоотубут. Үс күн сыралаах оонньуулар кэннилэриттэн кыргыттарга Дьокуускай хамаандата бастакы, иккис миэстэ Мэҥэ Хаҥалас уонна үһүс миэстэ Чурапчы хамаандалара буоллулар. Эр дьоҥҥо иккис миэстэни Мэҥэ Хаҥалас уонна үһүс миэстэни Чурапчы улууһун хамаандалара ыллылар. Онтон аммалар чемпион үрдүк  аатын сүктүбүт.

 

Хомойуох иһин кыргыттарбыт бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр 4-с миэстэ буолан хааллылар. Онон уопсай түмүккэ сэттис миэстэ буоллубут. Манна кыргыттар куһаҕаннык оонньоотулар диэн буолбатах. Ол курдук бөлөххө үс хамаанда 6 очколаах тэҥнэһэн баран, партияларынан оонньуу хаачыстыбатын көрдүлэр. Онно дьэ 4-с миэстэҕэ тахсан хааллыбыт. Кыргыттар Чурапчыны 2:1 хотоллор, намнарга 2:0 кыайтарабыт. Инньэ гынан Чурапчы иккис, Нам 3-с миэстэ, биһиги 4-с миэстэ буолан хааллыбыт. Чемпионат түмүгүнэн биһиги хамаанда хапытаана Никита Лобанов  “Бастыҥ оонньооччу” аатын ылла.

 

 

Хамаанда састаабыгар уолаттарга Никита Лобанов, Семен Килбясов, Афанасий Константинов, Николай Васильев, Александр Капитонов, Василий Кузьмин, Петр Устинов, кыргыттарга Елена Никитина, Анна Григорьева, Нария Караканова, Саргылана Яковлева, Валерия Яковлева, Надежда Мартынова, Маргарита Лазарева оонньоотулар. Бу күрэхтэһиигэ баран кэлэрбитигэр тырааныспарынан көмөлөспүт улууспут дьаһалтатыгар уонна бары көмөлөспүт дьоммутугар улахан махтал. Эһиги көмөҕүтүнэн кыайыы кэлэр. Онон көмө баар буоллаҕына, өссө да кыайыылар кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит”, — диэн улуустааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын адаптивнай спорт көрүҥнэригэр исписэлииһэ Семен Килбясов сырдатта.

 

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше