Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет сылын аайы ыытар тэрээһинин чэрчитинэн Россия наукаларын академиятын 300 сылыгар анаан сахалар тумус туттар киһибит Чугунов Афанасий Васильевич сырдык аатын, кини саҕалаабыт үлэтин үйэтитэр, киэҥ эйгэҕэ тарҕатар сыаллаах Бүтүн Арассыыйатааҕы «Чугуновскай ааҕыылар» научнай-практическай билим Илин эҥэр улуустарга анаан, кулун тутар 14 күнүгэр Амма улууһун Бөтүҥ орто оскуолатыгар ыытылынна.
Тэрээһиҥҥэ «Амма улууһа» муниципальнай тэриллии баһылыгын бастакы солбуйааччыта Василий Иванович Бураев, Амма улууһун үөрэҕириитин салаатын начальнига Николай Александрович Ларионов, Бөтүҥ нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии аҕа баһылыга Алексей Николаевич Никитин, ветеринарнай наука кандидата, Арктическай государственнай агротехнологическай университет наукаҕа уонна инновацияҕа проректор эбээһинэһин толорооччу Константин Револьевич Нифонтов, СӨ агрооскуолаларын научнай консультана Александра Петровна Аржакова уо.д.а. ыҥырыылаах ыалдьыттарынан буоллулар.
Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар ветеринарнай наука кандидата, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет наукаҕа уонна инновацияҕа проректор эбээһинэһин толорооччу Константин Нифонтов, СӨ агрооскуолаларын научнай консультана Александра Аржакова «Амма улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон аатыттан махтал суруктары туттулар. Оттон Амма улууһун үөрэҕириитин салалтатын аатыттан махтал суругунан Бөтүҥ орто оскуолатын партнера, Степановтар дьиэ кэргэн крестьянскай биригээдэлэрин баһылыга Степанова Елена Николаевна, А.Е.Кралин аатынан Абаҕа орто оскуолатын производственнай үөрэх маастара Оконешникова Мотрена Константиновна, Н.Е.Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын производственнай үөрэх маастара Самсонова Туйара Петровна, Е.Л. Чистяков аатынан Майскай орто оскуолтын технология учуутала Пелепейкина Галина Альбертовна, П.П. Караканов аатынан Мээндиги орто оскуолатын химия учуутала Иванова Ыйдаана Семеновна бэлиэтэннилэр.
Илин эҥэрдээҕи ааҕыыга барыта 7 улуустан 23 оскуола, ону таһынан эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэриттэн Рассолодатааҕы үөрэх уонна производство филиала уонна Амматааҕы эдэр натуралистар станцияларыттан кыттыыны ыллылар.
Ону тэҥэ дириэктэрдэргэ, учууталларга аналлаах таһымы үрдэтэр үөрэх ыытылынна: Тулагы агрооскуолатыттан Петров Михаил Михайлович «Совместная деятельность сельскохозяйственного потребительского кооператива с агрошколой», СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэрстибэтин ресурснай киин экэнэмииһэ Скрябина Нюргуйаана Михайловна «Типовые модели создания СХПК с привлечением трудовых ресурсов и материально-технической базы», Хаҥалас улууһун 2-с Дьөппөн оскуолатын дириэктэрэ Скрябина Дария Ивановна «Основы организации сельского туризма (агротуризма)», АГАТУ лабораториятын сэбиэдиссэйэ Лукина Федора Алексеевна «Организация лаборатории по клональному размножению для учащихся», АГАТУ преподавателя Степанова Сардана Владимировна «Как начать участвовать школам во всероссийском конкурсе АгроНТРИ».
Бу күн агрооскуолаларга сытыытык турар агро үөрэхтээһин методическай кэмпилиэгин тула төгүрүк остуол буолан ааста. Киирбит этиилэри түмэн Үөрэх министиэристибэтигэр ыытабыт.
Кэмпириэнсийэ 9 хайысханан үлэлээн барыта 145 кыттааччы, 136 чинчийэр үлэлэрин көмүскээтилэр. Ол иһигэр кэтэхтэн 54 үлэни дьүүллээтилэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ АГАТУ учуонайдара, преподавателлэрэ, Амма улууһун тыа хаһаайыстыбатыгар уопуттаах исписэлиистэрэ ыҥырыллан үлэлээтилэр.
Түмүккэ, элбэх миэстэҕэ тиксибит улуус Бөтүҥ нэһилиэгин баһылыга Алексей Никитин туруорбут кубогынан наҕараадаланна. Ол курдук, 19 призердаах Амма улууһа бастакы миэстэни ылан кубогы тутта, иккис миэстэҕэ 16 призердаах Мэҥэ Хаҥалас улууһа таҕыста, үһүс миэстэ 8 призердаах Чурапчы улууһа буолла.
Миэстэтигэр кэлэн кыттыыны ылбыт оҕолор дипломунан уонна ДьТХА, АГАТУ кыһатын Амма улууһуттан төрүттээх араас сылларга бүтэрбит выпускниктар харчынан бириэмийэлэрин тутан үөрэн-көтөн тарҕастылар. Кэмпириэнсийэ түмүгүнэн оҕолор үлэлэрин түмэн хомуурунньук тахсара былааннанар.
Илин эҥэрдээҕи ааҕыыга 1,2,3 үрдэли ылбыт оҕолор Өрөспүүбүлүкэ таһымнааҕы «Чугуновскай ааҕыыга» улуустарын, оскуолаларын аатын көмүскүөхтэрэ диэн эрэнэбит.
Мария Иванова, Анастасия Лазарева.