“Кэнчээри” иитиллээччилэрэ олоҥхо нөҥүө сахалыы толкуйга үөрэнэллэр

Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Амматааҕы «Кэнчээри» оҕону сайыннарар Кииҥҥэ Олоҥхо эйгэтин арыллыытын сиэрэ-туома ыытылынна.

Олоҥхо эйгэтин тэрийии бырайыага ааспыт үөрэх дьылыгар оҥоһуллан, улуустааҕы күрэххэ кыттан, биһирэнэн,   бүгүн силигэ ситэн оҕолорго күндү бэлэх буолла.

Олоҥхо эйгэтин сыалынан үөрэхтээһин уонна иитии ис хоһоонун  хаачыстыбатын үрдэтии, уһуйаан оҕотун олоҥхо эйгэтин нөҥүө өбүгэ үгэһин тута сылдьар ытык өйдөбүллэрин туһунан билиитин хаҥатыы, оҕо кутун-сүрүн уһугуннаран, сахалыы сиэрдээх, сайдам санаалаах буоларга иитии үлэтин усулуобуйатын тупсарыы буолар.

Тэрээһин өбүгэ сиэринэн Айыы дьиэтин үлэһитэ Василий Кочаткин үтүө алгыһынан саҕаланна. Кэлбит ыалдьыттарга, оҕолорго олоҥхо эйгэтин тутулун саас-сааһынан сүрүннүүр иитээччи Анна Кузнецова билиһиннэрдэ.

Ол кэннэ иитээччилэр уонна оҕолор Иннокентий Теплоухов — Тимофеев «Куруубай хааннаах Кулун куллустуур» олоҥхоттон быһа тардыыны толорон иһитиннэрдилэр.

Ыалдьыттарга улахан бөлөх уолаттара сахалыы күпсүүр тыаһын иһитиннэрдилэр, уһуйаан педагогтарын фольклорнай бөлөҕө норуот ырыаларыттан попурри толордулар, улахан бөлөх кыргыттара Конникова Сандаара “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхоттон, Варя Носова уонна Милана Юмшанова “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардан билиһиннэрдилэр.

“Кэнчээригэ” тэриллибит Олоҥхо эйгэтэ үүнэр көлүөнэни төрөөбүт тылынан үрдүккэ-сырдыкка кынаттаатын, сахалыы толкуйга үөрэттин, сиэрдээх буоларга ииттин!

Уһуйаан иитээччилэрин, оҕолору, төрөппүттэри уһуйаан салайааччыта Лугинова Галина Ивановна, үөрэх салалтатын исписэлиистэрэ Вера Чупрова, Эмма Давыдова, төрөппүттэр эҕэрдэлээн тыл эттилэр.

Эмма ДАВЫДОВА.

Читайте дальше