Көрбөттөр декадалара тифло испэктээкилинэн саҕаланна

“Үрүҥ торуоска” Бүтүн Россиятааҕы акция чэрчитинэн балтараа ый устата Амма улууһугар киэҥ хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллара былааннанар. Декада бүгүн “Төгүрүк остуолтан” уонна “Кэҕэ” диэн ненецкэй остуоруйа тифло-испэктээкилиттэн саҕаланна.

Тифло-испэктээкил – аммаларга сонун көстүү. “Көрөөччүлэр” харахтарын баанан олорон иннилэригэр буола турар көстүүнү истэн ылыналлар. Маныаха артыыстарга тифлокомментатор төһүү күүс буолар. Светлана Лугинова аатынан Амматааҕы норуодунай театр артыыстара бүгүн ыалдьыттар иннилэригэр “Кэҕэ” диэн ненец норуотун остуоруйатын “көрдөрдүлэр”. Туруорааччы режиссер Нарыйа Николаева билинэринэн, бу көрүҥҥэ кини бастакы холонуута буолан, үлэлииргэ сонун, интэриэһинэй буолла. Испэктээкил кэмигэр режиссер көмөлөһөөччүтэ Юрий Бахсыров ууну, тыалы, ас сытын туһанан тулалыыр эйгэни истээччилэргэ толору тиэртэ. Худуоһунньук Александра Кокарева сценаны киэргэтиитэ, Матрена Аржакова, Анфиса Федорова тикпит таҥастара, артыыстар Луиза Деляева, Кэскил Исаков, Нелли Захарова, Күнчээнэ Исакова итэҕэтиилээх оонньуулара, театр артыыһа Клавдия Новикова остуоруйаны ааҕыыта – бу барыта биир сомоҕо буолан, биир долгуҥҥа киирэн, биир тыыннанан испэктээкилгэ кэлбит дьон биһирэбиллэрин ылыахтарын ылла, мөлтөхтүк көрөр дьоҥҥо бэртээхэй бэлэх буолла.

“Үрүҥ торуоска” декада саҕаламмытынан тустаах дьону бүгүн улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Ньургуяна Илларионова эҕэрдэлээтэ уонна көрбөттөр уопсастыбаларын олоххо көхтөөх дьонугар баһылык аатыттан Махтал суруктары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттартаата. “Төгүрүк остуол” кэмигэр тустаах тэрилтэлэр – социальнай көмүскэл управлениетын, пенсионнай фонда, үлэлээх буолуу киин, киин балыыһа салайааччылара мустубут дьон хоруйдарыгар эппиэттээтилэр, сүбэлэрэи-амалары биэрдилэр.

-Ыйтан ордук кэм устата барар декада кэмигэр биһигини элбэх тэрээһин күүтэр. Дьиэттэн тахсар кыаҕа суох доруобуйаларынан хааччахтаах дьоммутун дьиэлэригэр сылдьан эҕэрдэлиэхпит, бэлэхтэрбитин туттарыахпыт, Илин эҥэр улуустар спортивнай-культурнай фестивалларыгар кыттыахпыт, итиэннэ биир саамай күүтүүлээх тэрээһиммит – саха суруйааччыларын айымньыларынан киин библиотека үлэһиттэрин бырайыактарынан оҥоһуллубут “Саҥарар кинигэбитин” киэҥ араҥаҕа билиһиннэриэхпит,- диэн көрбөттөр улуустааҕы уопсастыбаларын салайааччы Александра Устинова кэпсиир.

Бу тэрээһиннэри “Амма олоҕо” хаһыат эмиэ сыыска-буорга түһэрбэккэ киэҥ араҥаҕа сырдата туруо.

Елена Александрова.

Читайте дальше