Сүүрбэһис үйэ уостан түспэт ырыаларыттан биирдэстэрэ “Амма эбэм” диэн Аммабыт улууһун өрөгөй ырыатыгар тэҥнээх Илья Дорофеев тылларыгар, талааннаах ырыаһыт, ырыа айааччы Клавдия Онуфриева толоруутугар Амма дьоно бары сөбүлээн истэр ырыабытын быйылгыттан Катя Никонова диэн кырачаан кыыс ыраас, чуор куолаһынан ыллаан чаҕаарытарын үгүс киһи сүрэҕэр чугастык ылынан астына-дуоһуйа истибит буолуохтааххыт.


Катя – Амматааҕы Анатолий Черемных аатынан оҕо ускуустубатын оскуолатын иитиллээччитэ. Быйыл В.Г. Короленко аатынан Амма бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын маҥнайгы кылааһын ситиһиилээхтик бүтэрдэ.

Бэйэбит дьиэбитигэр сахалыы эйгэни үөскэтэ сатыыбыт. Оҕолорбутун сахалыы иитэргэ кыһаллабыт. Былырыын Чурапчыттан көһөн кэлбиппит. Аҕабыт Вадим Валерьевич Амматааҕы ИДьО үлэлиир, бэйэм “Движение первых” хамсааһын Амма улууһунааҕы салаатын исписэлииһэ буолабын. Икки оҕолоохпут. Катюша бастакы оҕобут, уолбут Богдан түөрт саастаах, «Хатыҥчаана» оҕо саадын иитиллээччитэ. Быйыл Катюшабыт музыкальнай оскуолаҕа сылдьан сүрдээҕин сайынна, үгэ жанрыгар, тойукка үөрэннэ. Наһаа үчүгэйдик толорор буолла. Преподавателигэр Татьяна Александровна Томскаяҕа олус махтанабыт. Саамай үөрэрбит диэн, бэйэтигэр оруобуна сөп түбэһэр “Амма эбэм” ырыаны үөрэппитигэр махтанабыт. Оҕобут ити ырыаны толороруттан наһаа астынар, аҥардас сахалыы оркестрга толорбута биир ураты көстүү, ситиһии дии саныыбыт, — диэн Катюша ийэтэ Сахая Романовна санаатын үллэстэр.

 

Көрөрбут курдук, саха норуотун тылынан уус-уран айымньытыгар тапталы оҕолоругар ийэлэрэ Сахая Романовна иҥэрбит эбит. Кини оҕолоро утуйалларыгар хайаан да норуот ырыаларын ыллаан, “Биһик ырыатыгар” бигээн утутар эбит. Ол ырыалары кырачаан Катя наһаа сөбүлээн истэрэ. Бэл, Чурапчыга “Чуораанчык” уһуйааҥҥа оонньуу сылдьан ийэтин толорор матыыптарын ыллыырын сэргии истэн, иитээччитэ Моника Васильевна Петрова норуот ырыаларын ыллатан саҕалаабыт. Ити кэмнэргэ «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр национальнай ханаалга «Олонхо-баттл» диэн эдэр олоҥхоһуттар ортолоругар күөн күрэс тэриллэн кыра оҕо болҕомтотун тардыбыт, биири да көтүппэккэ сэргээн көрбүт. Онно Чурапчы улууһуттан төрүттээх, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Анастасия Алексеева кыайыылаах тахсыбытын көрөн, кырачаан Катя ийэтигэр мин эмиэ кини курдук олоҥхо толоруохпун баҕарабын диэн наһаа ымсыыран эппит.

Онуоха ийэтэ оҕотун баҕа санаатын быһа гыммакка, уһуйаан иитээччитэ Мария Николаевна Лебедеваны кытта кэпсэтэн, олоҥхо куруһуогар дьарыкка киллэрэр. Онно сылдьан араас таһымнаах күөн күрэстэргэ кыттан, бастакы сэмэй ситиһиилэрэ кэлэн барбыттар. Онтон үөрэн кырачаан Катюша интэриэһэ өссө үрдээбит, олоҥхотун үөрэ-көтө толорор буолбут. “Ол эрэн саамай сүрүн иитээччибит эбэбит Екатерина Прокопьевна Свинобоева буолар. Уус Алдан улууһун Чараҥ нэһилиэгэр олорор. Идэтинэн режиссер, ырыа, хоһоон айааччы. Ийэбит ырыаларын саха эстрадатын ырыаһыттара толороллор. Саамай биллэрэ «Үрдэли» кыайбыт Виталий Очиров «Махтанабын» ырыата. Сайын аайы кыыспыт эбэтигэр баран күүскэ дьарыктанан кэлэр”, — диэн ийэтэ Сахая Романовна махтанан этэр.

Оттон Аммаҕа учуутала, фольклор отделениетын преподавателэ Татьяна Томская этэринэн, Катя атын оҕолортон уратыта диэн киниэхэ сахалыы тыын, сахалыы эйгэ, саха норуотун ырыата-тойуга этигэр-хааныгар иҥэн, кутугар-сүрүгэр баар диир.

Сорудах биэрдэххэ эрдэттэн билэр, үөрэппит курдук түргэнник толорор. Кыратык ыйан-кэрдэн биэрдэххэ, тута ылынан иһэр. Фольклор жанрын барытын толорор. Быйыл Үстүүн Нохсоороп аатынан “Айхаллыы көрсүөҕүҥ!” диэн фольклор, “Чуопчаарар оҕо саас” уонна “Алаас оҕолоро” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэстэргэ ситиһиилээхтик кыттан бастакы үрдэл кыайыылаахтара буоллубут. Итиэннэ Олоҥхо ыһыаҕар «Эмис Түмэппий курдук этэн дьэргэлдьиттэхпинэ» олоҥхону толорооччулар күөн күрэстэригэр кытынныбыт, аныгыс сылга олоҥхобутун өссө кэҥэтэр былааннаахпыт,  — диир Татьяна Александровна.

Саха киһитин сиэринэн кыра оҕону улаханнык хайҕаабакка, кырачаан Катюша ийэлээх аҕатыгар туһа киһитэ буола улаатарыгар, сэмэй ситиһиилэринэн чугас дьонун үөрдэ-көтүтэ турарыгар баҕарабыт.

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше