Килбиэннээх үлэтинэн нэһилиэк историятыгар аатын хаалларбыта

Аакка–суолга киирбит, албан аатырбыт Абаҕа сиригэр икки үйэттэн ордук кэриҥэ кэмҥэ төһөлөөх киһи олохсуйан, үлэлэринэн – хамнастарынан бу дойдуну туругурдубуттара буолуой? Кинилэр ааттарынан киэн туттан, нэһилиэкпит кэнэҕэскитин туһугар көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэр, үйэтитэр ытык иэстээхпит.

Ол курдук, олунньу 17 күнүгэр, Абаҕа нэһилиэгэр врачебнай амбулаторияҕа Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ, ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Абаҕа нэһилиэгэр бастакы фельшер-акушер Евдокия Иннокентьевна Борисова үтүө аата иҥэриллэр үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста. Бу Абаҕа историятыгар биир долгутуулаах, сүдү суолталаах бэлиэ күн.

Бу күн Абаҕатааҕы врачебнай амбулатория дьиэтигэр Евдокия Иннокентьевна Борисова оҕолоро, сыдьааннара, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Нюргуяна Илларионова, Амма улууһун кылаабынай бырааһа Михаил Архипов уонна Абаҕа нэһилиэгин олохтоохторо кыттыылаах Евдокия Иннокентьевна сырдык аатын үйэтитэр мемориальнай дуоска арыллыытыттан саҕаланна. Ол кэннэ, Духуобунас киинигэр “Өлбөөдүйэбит үтүө аат” диэн истиҥ-иһирэх ахтыы киэһэтэ ыытылынна. Нэһилиэк сайдыытыгар сүдү кылаатын киллэрбит, улахан буукубаттан суруллар кэрэ киһи, Евдокия Иннокентьевна олоҕун, үлэтин сырдатар дьоро киэһэ олус истиҥник, биир тыынынан ааста. Бу киэһэҕэ, кини оҕолоро кэлэннэр ийэлэрин сырдык мөссүөнүн, олорон ааспыт олоҕун, үлэтин – хамнаһын туһунан ахтан-санаан аастылар. Ону таһынан, Евдокия Иннокентьевналыын алтыспыт, биир кэмҥэ үлэлээбит нэһилиэк дьоно олуһун диэн долгуйа аҕыннылар.

21 сыл анаараа өттүгэр, Евдокия Иннокентьевна 80 сааһын бэлиэтиир дириҥ ис хоһоонноох биэчэриттэн уһуллубут быһа тардыыны дьон-сэргэ уйадыйа, долгуйа көрдүлэр. Манна Евдокия Иннокентьевна сүргэтэ көтөҕүллэн, үөрэн долгуйан дьонугар-сэргэтигэр кэс тылын, махталын истэн, санаан аастылар.

Евдокия Иннокентьевна оҕолоро тус бэйэлэрин ааттарыттан балыаһаҕа принтер, ону таһынан бу тэрээһини тэрийсибит хас биирдии киһиэхэ үрүҥ көмүс киэргэллэри бэлэх ууннулар. Онон, истиҥ-иһирэх ахтыы киэһэтин кэннэ итии астаах, сылаас чэйдээх атах тэпсэн олорон ирэ-хоро сэһэргэстилэр.

Юлия Яковлева.

Читайте дальше