Ахсынньы маҥнайгы күнэ бүтүн аан дойду үрдүнэн СПИД ыарыыны утары охсуһар, ВИЧ инфекцияны сэрэтэр күн буолар. Бүтүн дойду үрдүнэн ыарахан ыарыыттан харыстыырга, сэрэтэр үлэни ыытар сыаллаах Үлэ Дьоруойа П.И. Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатыгар «Мы против СПИДа! тэрээһин» ыытылынна.
Сэрэтэр үлэҕэ барыта 32 үөрэнээччи, итиэннэ 26 оскуола үлэһитэ кытынна. Бу күн үөрэнээччилэр үс хамаандаҕа арахсан оонньууга кытыннылар. Психолог Ирина Олесова «Чума ХХI века» презентация көрдөрдө, кэпсээтэ. Иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Матрёна Романова «ВИЧ: мифы/реальности» викторинаны ыытан барыларын кытыннарда. Тэрээһин түмүгэр учууталлар аһаҕас кэпсэтии тэрийдилэр.
Онтон үөрэнээччилэргэ «Бары бииргэ» диэн сомоҕолоһон ис туругу өрө тардар оонньуулары ыыттылар. Оҕолор тэрээһинтэн элбэҕи билэн үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Ирина Корякина – Олесова.