Ким даҕаны болҕомтото суох хаалбата

Сулҕаччытааҕы Х. Максимов аатынан культура уонна сынньалаҥ киинигэр бэртээхэй тэрээһин буолан ааста. Күрэххэ Сулҕаччы нэһилиэгэр уонна Сэргэ-Бэс  бөһүөлэгэр олорор доруобуйаларынан хааччахтаах дьон кыттыыны ыллылар.

Дьоро тэрээһин саҕаланыытыгар Сулҕаччы нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Василий Неустроев мустубут дьону эҕэрдэлээн туран, нэһилиэк доруобуйаларынан хааччахтаахтар уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлигэр Альбина Николаеваҕа Бүтүн Россиятааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбаларын аатыттан Махтал суругу туттарда.

Салгыы эрдэттэн бэриллибит сорудаҕынан оригинальнай бүлүүдэ, айылҕа матырыйаалларынан туһанан оҥоһуллубут сэлээппэ, бэйэ дьоҕурун көрдөрөр  быыстапка кэлбит дьону интэриэһиргэттэ.

Маны таһынан хаһан баҕарар буоларын курдук, дьиэ-кэргэнинэн музыкальнай конкурс ыытылынна. Культура киинин үлэһиттэрэ Мичийэ Матвеева, Мария Дьячковская уонна  библиотекарь Елена Попова бириистээх араас көрдөөх, остуолга олорон да, хамсаныылаах да оонньуулары  ыыттылар. Кыайбыттар, кыттыбыттар культура киинэ уонна олохтоох дьаһалта туруорбут сыаналаах бириистэрин ыллылар.

Ол курдук, бэйэ оҥоһуктарын быыстапкатыгар  Айталина Птицына оҕуруонан, араас таастарынан киэргэтиллибит оҥоһуктарынан кыттан бастаата, иккис миэстэни “Ыһыах” диэн теманан хаартыска хартыыналарынан Рустам Яковлев ылла, үһүс миэстэҕэ Розалия Никифорова  “Ый кыыһа” , “Аал-луук мас” диэн ааттаах  полимернай глинаттан оҥоһуктарынан таҕыста. Манна даҕатан эттэххэ, быыстапка аны сайын Аммаҕа ыытыллыахтаах олоҥхо ыһыаҕар анаммыт.

Дьиэ кэргэнинэн музыкальнай күрэххэ бастакы миэстэни бэртээхэй вальс үҥкүүлээбит Саргылана, Николай Ивановтар ыллылар. Иккис миэстэни Мария Степанова сиэнэ Настялыын Амма туһунан кэрэ ырыанан,үһүс миэстэни Борис Никитин ийэтин Степаниданы кытта  сахалыы инструменнарга оонньоон ыллылар.

Оригинальнай бүлүүдэҕэ Айталина Птицына “Аҕам алааһа” – диэн бүлүүдэтэ бастаата, иккис миэстэни Альбина Николаева “Кустук өҥө” салатынан ылла.

Олус сэргэх күрэх айылҕа матырыйаалларынан туһанан оҥоһуллубут  сэлээппэ күрэҕэ буолла. Манна күннээх Кавказтан хомуллубут араас мастар сэбирдэхтэринэн киэргэтиллибит Борис Никитин сэлээппэтэ бастаата, иккис миэстэни Розалия Никифорова ылла.

Сылаас чэйдээх, толору астаах остуолу социальнай үлэһиттэр Марианна Ксенофонтова, Саргылана Тарасова, ыччаты кытта үлэҕэ специалист Ньургустина Павлова уонна культура киинин үлэһиттэрэ бэлэмнээтилэр. Остуол  тула элбэх көрдөөх оонньуулар ыытылыннылар.

Хамсаныылаах китайскай зарядка да оҥоро үөрэннилэр.

Оонньуу аайы кыттыбыт дьоҥҥо жетон туттарыллан, киэһэ түмүктэниитэ саамай элбэх жетоннаах, ол аата саамай актыыбынай кыттааччылар Саргылана Иванова, Борис Никитин, Валентин Христофоров сыаналаах бириистэри туттулар. Бириистэри Сулҕаччы нэһилиэгин дьаһалтата (баһылык Артем Степанов), олохтоох культура киинэ (директор Жанна Максимова) туруордулар. Ити курдук кэлбит дьон дуоһуйа сынньанан, күлэн-оонньоон, бириис арааһын тутан тарҕастылар.

Елена ПОПОВА.

Читайте дальше