Билиҥҥи кэмҥэ кинигэни ааҕыы мөлтөөтө диэн бэлиэтиибит. Бу сайдыылаах технология үйэтигэр компьютертан, телевизортан, гаджеттартан киһи информация ылара наһаа элбээтэ. Маннык мэһэйдэри туоратар сыаллаах Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн кинигэ бэлэх уунар аахсыйа тэриллибитигэр Амма Наахара даҕаны туора турбата.
Екатерина Унарова салайар Амма Наахара нэһилиэгин олохтоох библиотеката Бүтүн Арассыыйатааҕы «Подари книгу в библиотеке» аахсыйаҕа кыттыста. Бу аахсыйа быйыл 8-с сылын ыытыллар. Аахсыйаҕа нэһилиэкпит олохтоохторо сыллата көхтөөхтүк кытталлар. Ол курдук быйыл «Уран тарбах», «Кыбытык тигии», «Эгэлгэ» коллекционердар түмсүүлэрэ, нэһилиэккэ бастыҥ үлэлээх «Дуораанчык» уһуйаан үлэһиттэрэ олохтоох библиотекабытыгар кинигэ бэлэх ууннулар.
Урукку курдук дьиэ кэргэн оҕоҕо кинигэ ылары наадалааҕынан аахпат буолбута хомолтолоох. Билигин кыһалҕалаах киһи куйаар ситимин хасыһан туһалаах, бэлэм информацияны булаллара табыгастаах, бириэмэни ылбат курдук. Кинигэттэн киһи тыла-өһө сайдар, өйө-санаата, билиитэ–көрүүтэ кэҥиир. Кинигэ, хаһыат ааҕыы, ол эбэтэр өй үлэтэ дьиэ кэргэнтэн саҕаланарын умнумуоҕуҥ.
Ирина Корякмна — Олесова.