Түөрт сыл тухары Европа араас улахан да, кыра да өрүстэрин, үрэхтэрин туораан, уһун ыарахан сэрии толооннорун ааһан, кырыктаах өстөөҕү бэйэтин арҕаҕар үүрэн киллэрэн самнарбыт, Улуу Кыайыы өрөгөйүн Берлиҥҥэ билбит буойуннартан биирдэстэрэ Николай Давыдович Федоров буолар. Аҕатын бойобуой суолун туһунан төрөппүт кыыһа Мария Николаевна Кузьмина ахтыытын бэчээттиибит.
Аҕабыт Николай Давыдович Федоров 1915 сыллаахха ыам ыйын 22 күнүгэр төрөөбүтэ. 1925-1928 сылларга Чыамайыкыга оскуолаҕа үөрэнэр. 1934-1935 сылларга Ворошилов аатынан артыалга бэрэссэдээтэллиир.
1941 сыллаахха бэбиэскэ тутан, Чыамайыкыттан сэриигэ аттанар. Арҕааҥҥы сэриигэ бастаан муоста тутар биригээдэҕэ болуотунньугунан, онтон 1943 сыл кулун тутар 3 күнүгэр Соҕуруулуу-Арҕааҥҥы фроҥҥа 4-с моторизованнай биригээдэ 101-с понтоннай муоста тутар батальонугар понтонерунан сылдьыбыт. Дон, Днепр, Березина, Буг, Припять курдук улахан өрүстэри туоруур муосталары тутуһан, сэриилэһэр аармыйа сүрүн күүстэрин суолларын оҥорон биэрэр эппиэттээх кэрчигэр, уоттаах сэрии саамай инники күөнүгэр сылдьыбыта.
1943 сыл историяҕа киирбит улахан кимэн киириигэ Днепропетровскайы босхолооһуҥҥа кыттыбыта. Онно кини биригээдэтэ бэйэтин кыаҕын чаҕылхайдык көрдөрбүтэ. Бу сыл «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Ол эрээри, хомойуох иһин, дойдутугар тимир суолунан айаннаан иһэн бу мэтээлин уордарар. 1945 сыл саас сэрии тиһэх таһаарыылаах охсуутугар Берлинскэй операцияҕа кыттыбыта. Одер өрүһү туорааһыҥҥа олус күүстээх ниэмэс уотун анныгар хабыр хапсыһыы ортотугар 101-с понтоннай батальон муоста тутуутун геройдуу быһыылаахтык хааччыйбыта. Өстөөҕү утары өлөр-тиллэр киирсиилэргэ куттаммат хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин иккистээн «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаланар. 1946 сыл ахсынньытыгар «Германияны Кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Сындалҕаннаах сэрии кыайыынан түмүктэнэн, үөрэн-көтөн, ардах буулдьа анныттан тыыннаах ордон, дойдутугар олус өр айаннаан, 1946 сыл кыһыныгар кэлээт, эйэлээх олоҕу уһансыбыта.
Вера ИВАНОВА.