“Кыайыы поеһа” дьикти түмэли сөҕө көрдүлэр

Аллараа Бэстээх тимир суол станциятыгар үс күн устата турбут “Кыайыы поеһа” диэн ааттаах дьикти интэриэһинэй түмэли бука бары кыайан көрбөтөхпүт буолуо. Ол эрээри сорох биир дойдулаахтарбыт сылдьан, олус диэн астынан, сөрү диэн сөҕөн кэлбиттэр.

Биһиги  “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын Амматааҕы салаатын чилиэннэрэ үһүө буолан”Кыайыы поеһа” диэн ааттаах урут хаһан да көрбөтөх түмэлбитигэр сырыттыбыт. Ол курдук Алтантан Наталья Васильевна Борисова, Римма Николаевна Дьячковская уонна мин. Биһигини улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мария Романовна Захарова арыаллаата. Кини бу түмэлгэ сылдьыаҕын диэн этии киллэрбитэ. 

Онон Дьокуускайга “Саха” НКИК ханаалыгар “Кэрэ кэпсээн” диэн биэриигэ уһулла баран иһэн бу түмэли көрдүбүт  уонна олус диэн астынныбыт, сөрү диэн сөхтүбүт, долгуйдубут. Түмэлбитигэр 40 мүнүүтэ устата уочараттаан киирдибит. Экскурсияны тэрийиигэ Аллараа Бэстээхтээҕи “Тимир суол” техникумун устудьуоннара анал формалаах арыаллыыллар, киириини –тахсыыны бэрээдэктииллэр. Бу “Кыайыы поеһа” диэн түмэл  Арассыыйа киинэискусствотын артыыһа Дмитрий Харатьян авторскай бырайыагынан оҥоһуллубут эбит. Барыта 12 вагоннаах. Мантан 2-тэ хаһаайыстыбаннай, 10 вагонугар экспозицялар турбуттар. Хас биирдии вагону көрөргө биэстии мүнүүтэ бэриллэр. Наушник кэтэҕин. Онно Аҕа дойду улуу сэриитэ саҕалыанҕытта бүтүөр диэри хас биирдии вагонунан кэпсээн иһэллэр. Хас биирдии вагоҥҥа экспонаттар олох тыыннаах курдуктар, киһини долгуталлар. Онно киирдэххэ поезд түннүгүнэн хартыына уларыйан иһэр. Уопсайынан олус интэриэһинэй, уодаһыннаах сэриини бу баардыы көрдөрөр дьикти түмэл. Сорох түгэннэргэ олох хараастан харахпыт ууланна . Онон бу маннык  суолталаах түмэлгэ сылдьыбыппыт биһиэхэ элбэҕи биэрдэ”,- диэн “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын Амматааҕы салаатын активиһа, “Үлэ аргыстаах эдэр саас” бырайыак координатора Галина Бочугурова сырдатта.

Галина Афанасьевна поезд хас биирдии вагонун сиһилии суруйбутун “Амма олоҕо” хаһыакка сиһилии билсээрин.

“Амма олоҕо” хаһыат