Күлүк кэпсээнэ, кинигэ сэһэнэ

Ама ким инникитин тымтыктанан көрүөн, кыратык эмитэ ыйдаҥардан билиэн баҕарбат буолуой? Тохсунньу ыйга өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан таҥха иһиллээн, сэрэбиэй быраҕан, кистэлэҥ эйгэ быыһын сэгэтэн, инникилэрин тымпыктаан көрөллөрө. Ол үгэс күн бүгүҥҥэ диэри сүппэккэ-оспокко кэллэ. Таҥха оонньууларын сэҥээрэр киһи билигин да үгүс. Быйыл көстүбэт күүстэр кимиэхэ тугу түстээтилэр?

Наталия Рязанская. Быйыл киин бибилэтиэкэ тэрийэн ыыппыт Таҥха киэһэтин тэрээһинигэр сырыттым. Олус элбэх көрүҥ – баҕа санаа картата, түөрэх быраҕыы, кинигэни сүүрдүү, онтон даҕаны атыҥҥа дьон бэйэлэрэ талан сырыттылар. Мин нумеролог уонна таролог өҥөлөрүнэн туһанным. Дьиҥинэн, күнүттэн-дьылыттан тутулуга суох хаһан баҕарар хаарты бырахтарыахха, төрөөбүт күҥҥүнэн дьылҕаҕын “аахтарыахха” сөп буолуо эрээри, Таҥха кэмигэр биллибэт-көстүбэр эйгэ күүһүрэр диэҥҥэ итэҕэйэр буоламмын сылдьарга санаммытым. Хаартынан сэрэбиэйи биир бэйэм сэргээтим, уот харахха “этэр” эбит дии санаатым. Сэрэбиэйдээччим соторутааҕыта дьарыктанан саҕалаабыт эбит, уопутурдаҕына өссө суруйтарыам этэ.

Анна Винокурова. Биһиги урут-уруккуттан дьиэ кэргэнинэн сэрэбиэйдэнээччибит. Онон оҕолорбут эмиэ Таҥха кэмин күүтэллэр. Уустуга суох көрүҥнэри – сүрүннээн күлүк көрөбүт, эбэтэр буосканы кутабыт. Уонна сыл бүтүүтэ туох туолбутун-туолбатаҕын тэҥнээн көрөбүт. Киһи сөҕүөн иһин, туолар ээ. Кумааҕыны кумалыы тутан бүлүүһэҕэ ууран уматабыт уонна оһохтоох буоламмыт онно күлүгүн көрөбүт. Дьон “ким хайдах фантазиялааҕынан тойоннуур” дииллэр эрээри, хас да сыл буолла, күлүк олох чопчу таһаарар. Былырыын кэргэним тайаҕы бултуура көстүбүтэ туолла. Чүмэчи буоскатын ньуоскаҕа уулларан уулаах ыстакааҥҥа кутан, туох быһыылаах-таһаалаах буолбутун эмиэ көрөөччүбүт. Подкова тахсыбыттаах – этэҥҥэ буолуу, табыллыы, манньыат – харчыга, дьиэ. Ити курдук ханна даҕаны барбакка дьиэҕэ олорон эмиэ инникини сэгэтэн көрүөххэ сөп.

Вика Александрова. Билгэлэниигэ быйыл аан бастакыбын сырыттым. Кылааспыт салайааччыта кыргыттары улуустааҕы библиотека ыыппыт тэрээһинигэр илдьэ сылдьыбыта. Бары чүмэчи буоскатын тоҥорон сэрэбиэйдэммиппит. Барыбытыгар атын-атын ойуулар тахсыбыттара, кимиэхэ эрэ куобах, куба, сүрэх. Миэхэ ыт көстүбүтэ. Онон сыл устата кэтээн көрүөм туох буоларын. Бастакы сырыым буолан, наһаа интэриэһинэй, долгутуулаах этэ.

Мария. Үлэбиттэн быыс булан быйыл сэрэбиэйдэммэтим эрээри, урут буолбут түбэлтэбин кэпсиэхпин сөп. Дьүөгэлэр буолан мустаммыт кинигэнэн таайбыппыт. Эдэр дьон күлэ-үөрэ, барытын оонньуу-көр курдук ылынаммыт саҕалаатыбыт. Оччолорго кэргэннээхпин, кыра оҕолоохпут, бэркэ диэн олорор этибит. Ханнык кинигэни ылбыппытын чопчу өйдөөбөппүн эрээри, саха классик суруйаачыларыттан биирдэстэрэ. Мин “Биһиги дьиэ кэргэни туох күүтэрий?” диэн ыйытааччы буоллум. Онуоха кинигэм “Айдаан-куйдаан” диэн ис хоһоонноох строканы көрдөрдө. Кырдьык, ол сыл сайыныгар кэргэмминээн айдааннаахтык атырдьах маһыныы арахсыбыппыт. Уопсайынан, манна диэн эттэххэ, кинигэнэн киһи Таҥха кэмигэр эрэ буолбакка, хаһан баҕарар таайан көрүөн сөп. Биир кэмҥэ олох ыйы быһа  биир боппуруос миигин “тырыта-хайыта тыытта”. Өйдүүргүт буолуо, “Кэшбери” диэн пирамида үөдүйэ сылдьыбытын. Онно киирээри кэтэмэҕэйдээтим аҕай. Онтон өй ыламмын кинигэттэн “ыйытааччы” буоллум. Ону чуо баайы “Чэпчэки харчыны эккирэтэн байбыт суох” диэн строка тахсан кэллэ. Соһуйдум аҕай уонна пирамидаҕа киирэр санааны киэр үүрдүм. Онтум ситэ ый буолбакка  “эстэн” хаалла, онон сэрэбиэй “быыһаан” турардаах.

Көрбүккүт, аахпыккыт курдук, билиҥҥи кэмҥэ дьон  сэрэбиэй судургу көрүҥнэрин талаллар эбит. Өбүгэлэрбит курдук бүлүүһэ «сүүрдэр», ойбоҥҥо, киһи уҥуоҕар иһиллиир, сиэркилэҕэ көрүнэр киһи суох. Ыйыталаспыт дьонум бука бары «Уу, куттанабын» дииллэр. Ол да буоллар, билиэн-көрүөн баҕарар санааны туох үүйэ-хаайа тутуой? Сэрэбиэйдэнии хаһан баҕарар баар буолуо, арай кэм-кэрдии сиэринэн көрүҥнэрэ эрэ уларыйан биэриэхтэрэ.

«Амма олоҕо» хаһыат.

Читайте дальше