Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов нэһилиэктэринэн сырыылара салҕанар. Бэҕэһээ Чакыр, Болугур уонна Покровка сылдьан хомууру сэргэ кыстык үлэтин эмиэ билистилэр.
“Бу сырыыбытыгар биһигини кытта улуус кылаабынай агронома Николай Степанович Гаврильев сырытта. Нэһилиэктэргэ олохтоох баһылыктар уонна хаһаайыстыба салайааччылара көрсөн үлэни-хамнаһы билиһиннэрдилэр. Чакырга “Кэскил” ХЭТ сүөһү аһылыгар анаан диэн ыспыт бурдугун бааһынатыгар сылдьан хомуур хаамыытын көрдүбүт уонна кыстык хотоннорго сырыттыбыт. Билэргит курдук манна икки аныгы сүөһү турар комплекстардаахтар. Билиҥҥитэ сайылыктан киирэ иликтэр. Өрөмүөн үлэтэ бара турар. Бурдук үүнүүтэ орто диэххэ сөп. Хомууру кураан күннэри былдьаһа түмүктүүр былааннаахтар. Бу кэнниттэн саамай элбэх ыһыы сирдээх “Амма” акционернай уопсастыбатыгар тиийдибит. Хаһаайыстыбаҕа хомуурга биэс комбайн үлэлии сылдьар. Күн бүгүн ыспыт бааһыналарын 70 бырыһыанын хомуйдулар. Үүнүүнү көрдөххө, быйылгы курдук кураан дьылга куһаҕана суох. Ол эрээри Болугур уонна Покровка сылгылара киирэн бурдугу тэпсиилэрэ тахсыбыт. Болугурга эмиэ бурдук бааһыналарыгар сырыттыбыт. Курааннаан манна үүнүү олус үчүгэйэ суох, орто диэххэ наада. Ол да буоллар туох баарынан бурдуктарын хомуйа сылдьаллар. Маны сэргэ кыстык хотону баран көрдүбүт. Манна эмиэ өрөмүөн үлэтэ саҕаланыахтаах. Билиҥҥитэ киирэ иликтэр. Болугурга өссө оскуоланы киирэн көрдүбүт. Манна оҕолору МТЗ тыраахтары ыытыыга үөрэтэллэр эбит. Анал кабинет баар. Маны тэҥэ оскуола түмэлин көрөн сэргээтибит. Биһиэхэ маны оскуола учуутала, түмэл салайааччыта Сахаяна Юдовна Кожурова көрдөрөн билиһиннэрдэ. Эрдэ эппитим курдук бурдук хаһаайыстыбаларбыт күнү-дьыл баттаһа үлэлии сылдьаллар. Онон күн-дьыл туран, уһун ардах, хаар кэлбэтэҕинэ хомуур үлэтин түмүктүө этибит”, — диэн тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов сырдатта.
Баһылык Степан Кузьмин салгыы бүгүн Эмис, Алтан уонна Сатаҕай сылдьан үлэни-хамнаһы билсиэ.
“Амма олоҕо” хаһыат