Үлэ Дьоруойа Петр Ионович Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатын алын сүһүөҕүн үөрэнээччилэригэр «Күндү дьоммут» диэн аҕам саастаахтар күннэригэр аналлаах сэргэх тэрээһин буолан ааста. Тэрээһини 4-с кылаас учуутала Мария Пахомова иилээн ыытта.
Учууталлар Надежда Никифорова, Айталина Филиппова, Сардаана Александрова, Мария Пахомова үөрэтэр алын сүһүөх кылаастарыгар барыта 35 үөрэнээччи күннэтэ билии умсулҕаннаах суолунан айанныыр. Аҕам саастаах дьон күннэрэ үүнээри турдаҕына, үөрэнээччилэр оскуолаҕа эбэлэрин, эһэлэрин ыалдьыттата ыҥырдылар. Оҕолор ааҕан көрбүттэрэ барыта 51 эбэ, 32 эһэ, 6 хос эбэ баар эбит. Сэргэх тэрээһиҥҥэ кылаастарынан эҕэрдэ ырыалар ылланнылар уонна тутатына сиэн оҕолор саамай чугас дьонноругар бэйэ илиитинэн оҥоһуллубут открыткалары бэлэх туттардылар.
Эҕэрдэ нүөмэрдэр быыстарыгар ыҥырыылаах ыалдьыттарга аналлаах сонун оонньуулар тэриллэн ыытылыннылар. Бу күн коллекционер эбэлэр бэйэлэрин дьарыктарын ирэ-хоро кэпсээтилэр, көрдөрүү быыстапканы тэрийдилэр. Бырааһынньыкка үөрэнээччилэр эбэлэри, эһэлэри сахалыы алгыстаах амтаннаах алаадьынан күндүлээтилэр. Түмүккэ күүскэ кууһан туран «Эбээ, эһээ! Мин эйиигин таптыыбын!» — диэн сипсийдилэр, сылаастык сыллаан, икки өттүттэн туохха да тэҥнэммэт күүстээх эйгэни тэрийдилэр.
Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА