2005 сыллаахха саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын муҥутуур чыпчаала улуу олоҥхобут ЮНЕСКО шедеврэ буолбута. 2006 сылтан Саха сирин бары улуустарыгар сэтинньи 25 – ахсынны 5 күннэригэр Олоҥхо декадата үтүө үгэскэ кубулуйан сылын аайы ыытыллар.
Амма улууһугар Олоҥхо декадатын үөрүүлээхтик арыйыы ордук уратытык, умнуллубаттык ааста. Эһиил Олоҥхо ыһыаҕын ыытар улуус хаһаайыттара буоларбытынан, быйыл сайын Өймөкөөн улууһуттан илдьэ кэлбит Ытык дуоҕаны Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр дьон-сэргэ бүттүүн көрүүтүгэр таһаардыбыт. Дьэ, онон Сунтаар улууһуттан саҕалаан 16 улуус алгыһын ылыммыт, дьон-сэргэ үөрүүтүн иҥэриммит Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн бэлиэтэ үрүҥ көмүс дуйдаах Ытык дуоҕа Кыыс Амма кэрэ сиригэр күлүмүрдүү оонньоото.
Үөрүүлээх күн Амма улууһун баһылыгын 1-кы солбуйааччыта Василий Бураев, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, улуустааҕы Олоҥхо ассоциациятын салайааччыта Нюргуяна Илларионова, Амма нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Василий Дьяконов уонна Олоҥхо ыһыаҕын концепциятын сүрүн идеяларын оҥорсубут Клара Кириллина эҕэрдэлээтилэр.
— Эмискэ Күөрэлэ алааска сымара тааска Чээбий “Ала Булкун” олоҥхотуттан “Саҥарар саҥам сабаҕатын санаан, этэр тылым эгэлгэтин эрдьиэстээн” диэн кэнчээри ыччакка кэриэс-хомуруос тыллара Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн санаата буолар. Биир дойдулаахпыт биллиилээх публицист, общественник, мыслитель Олег Гаврильевич Сидоров 2016 сыллаахха Платон Алексеевич Ойуунускай туһунан “Жизнь замечательных людей” диэн серияҕа бэчээттэппитэ. Онно кини “Олоҥхо – якутский супер текст” диэн суруйбутун болҕомтоҕо ыллыбыт. Олоҥхоҕо этиллэрин курдук, атааннаах-мөҥүөннээх уустук кэмҥэ үктэннибит. Ол уустук кэми утары саха дьоно уһун тускуну, эйэлээх олоҕу туругурдар идэлээх. Күннүк Уурастыырап Аҕа дойду Улуу сэриитэ үгэннээн турар кэмигэр Бырабыыталыстыбаҕа киирэн, “үлэһит дьон санааларын көтөҕөн ыһыахтыаҕыҥ” диэбитин ылынаннар Эйэ ыһыаҕын, Кыайыы ыһыаҕын тэрийбиттэрэ. Олоҥхо тиэксин үөрэтэн көрдөххө, тыл барыта икки өрүттээх (дуализм). Айылҕа туһунан “алла турар быйаҥнаах” диэн этэн-тыынан баран, аны иккис абзаһыгар аҕалан “уолан баранар уулардаах, охтон баранар мастардаах” диир. Аммалар бастакынан маһы кэрдиини, леспромхоз тутуутун, ууну хачайдааһыны утараннар, Саха сирин бүтүннүүтүн хамсаппыт общественнай хамсааһыны саҕалаабыттара. Олоҥхо сэбиэскэй былаас саҕана 20-с үйэ саҕаланыыта сценаҕа тахсар. Тас көстүү, декорация улахан оруолу ылар гынан баран, син биир эпическэй уратытын ыһыктыбат. Аан бастаан Айыы Умсуур удаҕан ырыатын Саха күөрэгэйэ Екатерина Захарова ыллаабыт эбит. Режиссер Федот Федотович Потапов үстэ туруора сылдьыбыт. Сүрүн оруоллары, партиялары Матвей уонна Федор Лобановтар, Нина Чигирева – барыта биһиги дьоммут толорбуттар. Онон Амма олоҥхоҕо каноннары олохтообут дойду буолар диэн биһиги өрөспүүбүлүкэ общественноһыгар биллэрэбит, киэн тутта этэбит. Нюргуяна Ивановна “Амгинский культурный код” диэн өйдөбүлү киллэрбитэ. Ону кылгастык быһаардахха, этиһии-охсуһуу, атаан-мөҥүөн буолаары гыннаҕына наар эйэни түстүүр, кыайыыны ыраланар, айылҕаны харыстыыр диэн өйдөбүллээх. Ол иһин биһиги ити идея тула түмсэммит, бэйэбитин дьоһуннаахтык сананан тураммыт атын улуустары хатылаабакка, арыый сонуну оҥоруоҕун диэн биһиги ыһыахпыт эйэни түстүүр, уһун тускулу туругурдар буолуоҕар бары турунуоҕуҥ, — диэн Клара Романовна Олоҥхо ыһыаҕын концепциятын сүрүн санааларын сырдатта.
Вера ИВАНОВА.